Сииттэ нэһилиэгэр сылын аайы олохтоох дьаһалта уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин көмөтүнэн улахан болҕомто уурулларын туһунан улууспут дьонугар — сэргэтигэр тутатына сонуннарбытын билиһиннэрэ олоробут.
Ол курдук, сылын аайы сымыыттыы сылдьар кууруссалары, птицефабрикаттан дуогабардаһан тутатына аҕалтараллара үгэскэ кубулуйда. Быйыл эмиэ буоларын курдук элбэх ыал, барыта 129 кууруссаны, үөрэ — көтө үллэһиннилэр. Бу нэһилиэкпит олохтоохторун туһугар, кинилэр сибиэһэй сымыыттарынан аһаатыннар — сиэтиннэр диэн олохтоох дьаһалта өттүттэн босхо тиэйтэрэн аҕалан түҥэтэллэрэ махталлаах суол. Сыаната да сөбүгэр соҕус диэн тустаах дьон бэлиэтииллэринэн. Билигин сыана ыарыы турар кэмигэр, хас биирдии тыа ыалыгар улахан көмө буолара саарбаҕа суох. Кууруссаларбытын этэҥҥэ тиэйэн аҕалбыт суоппардарбытыгар Василий Гороховка, Рустам Расуловка олохтоохторбут улахан махталларын тиэрдэллэр.
Марианна Сивцева.