Сииттэҕэ көмүс күһүн

Сииттэбит нэһилиэгэр сыл аайы үгэс курдук күһүн бырааһынньыгын бэрт тэрээһиннээхтик атаарабыт. Ол курдук, бары үтүөнү баҕаран туран эбэбитигэр киирэн сиэр -туом толоруута ыытыллар. Манна аҕам саастаах, дьиэҕэ олорооччулары ыҥыртаан, күннээҕи түбүктэн сынньатаары, нэһилиэкпитигэр ыытылла турар үлэлэри билиһиннэрээри кулууп дьиэтигэр муһуннулар. Күндү дьоммутугар анаан итии үүттээх чэй, арыыга саһарчы буспут алаадьы уонна оллооҥҥо буспут күһүҥҥү кус буһаран күндүлээтибит.

Тэрээһиҥҥэ олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Пётр Степанов эҕэрдэ тыл бастыҥын, өрүү аттыбытыгар этэҥҥэ сылдьан үтүө сүбэһит буолун диэн баҕа санаатын тириэртэ. Күндү дьоммут тэрээһиҥҥэ көрсөн олус истиҥник ирэ -хоро кэпсэттилэр, эдэр дьоҥҥо инникигэ эрэллээх, дойдугут туһугар туох баар күүскүтүн -уоххутун ууран туран үлэлээн -хамсаан диэн алгыс тыл маанытын анаатылар.

Бу курдук нэһилиэкпит аҕам саастаах, ытыктыыр дьоммутугар болҕомто ууран үөрдэр -көтүтэр хайаан да наадалааҕын өйдүөх уонна ытыктыах тустаахпыт. Кэлбит ыалдьыттарга дойдубут аһын бэлэх уунан өссө үөрүүлэрин үрдэттибит, дьоллоотубут. Кырдьаҕастарбыт күнэ манан бүппэт, өссө да араас тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар.