Сииттэ нэһилиэгэр көхтөөх, бэһиэлэй, үлэни — үөрэҕи өрө туппут, нэһилиэктэрин сайдыытыгар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, кыһаллар, аныгы олох сайдыылаах тэтимин сөпкө тутуһар, билиҥҥи кэм технологиятын толору баһылыыр ыччаттардаахпытынан киэн туттабыт.
Нэһилиэкпит дьаһалтатыгар эдэр үлэһиттэр ылсыһан, үлэлэрин номнуо саҕалаабыттара балай да бириэмэ буолла. Онон эдэр үлэһиттэргэ үрдүк ситиһиилэри, бар дьонноругар болҕомто уураннар, нэһилиэктэрэ сайдарыгар бары сыраларын ууран туран үлэлиэхтэрэ — хамсыахтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Тэтимнээх, эрчимнээх, эдэр ыччат лидерынан таһаарыылаахтык үлэлии — хамсыы сылдьар Федор Петровтан, нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ элбэҕи эрэнэр, күүтэр. Онон ханнык баҕар нэһилиэк эрэллээх, кэскиллээх ыччаттардаах буоллаҕына сайдыы тэтимигэр киирэрэ саарбаҕа суох.
Ол курдук, Саха республикатын Ил Дарханын Айсен Николаев бирикээһинэн, Саха норуоттарын төрүт култуураларын кунун бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Күрэхпитигэр араас хайысхаҕа үлэлиир эдэр ыччаттар кыттыыны ыллылар. Кинилэр «Урааҥхайдар», «Дьөһөгөйдөр» диэн икки хамаандаҕа хайдыһан олус интэриэһинэйдик, бэһиэлэйдик кыттан, сэргэх күрэҕи бэлэх ууннулар. Күрэхпит сыала — соруга өбүгэлэрбит бултка, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин — туомун тутуһарга, киһи айылҕа сүрүн ирдэбиллэрин толору тутуһуохтааҕын, оҕону иитии үгэстэрин тутуһуу боппуруостарыгар олус сөптөөх хоруйдары истэммит астынныбыт, киэн тутуннубут. Өбүгэлэрбититтэн хаалбыт үтүө үгэстэри дириҥник билэллэриттэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Күрэхпит сүрүн судьуйатынан буолла Сииттэ орто оскуолатын учуутала Агафья Дьяконова. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн «Дьөһөгөй» хамаанда — хамандыыр Егор Левин, кыттааччылар Мария, Рустам Расуловтар, Елена Васильева, Татьяна Максимова, Сардана Гуляева, кыайыы өрөгөйүн тутаннар анал суруктарынан уонна кыһыл көмүс мэдээллэринэн биһирэннилэр. Иккис хамаанда «Урааҥхайдар» — хамандыыр Захар Кривошапкин, кыттааччылар Туяра Попова, Ольга Александрова, Александра Иванова, Татьяна Новгородова, Федор Петров буоланнар анал суруктары, үрүҥ көмүс мэдээллэри бэлэх туттаннар үөрдүлэр — көттүлэр. Олохтоох култуура үлэһиттэрин ааттарыттан кыттааччыларбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит, өссө да көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэ күүтэбит. Кыттааччыларбыт элбэҕи иҥэриннибит, инникитин өссө маннык үөрэтэр — иитэр тэрээһин элбэхтик буолара буоллар диэн баҕа санааларын тириэртилэр.
Марианна Сивцева.