Сир-уот, сибиэһэй ас — тыаҕа баар. Дьон — норуот тыа сиригэр олохсуйалларын, төрүт дьарыктарынан сөптөөхтүк тайанан, дьаһанан этэҥҥэ олороллорун туһугар улахан былааннаах үлэлэр, кыһамньылар тыа олоҕуттан саҕаланарын бука бары билэн олоробут. Манан сиэттэрэн Сииттэбит сиригэр, Ил Түмэн депутатын Александр Сусоевы уонна кини көмөлөһөөччүтүн Вячеслав Будищевы кытта, дириҥ билиини ылар көрсүһүүтэ буолан ааста.
Сэтинньи ый 10 кунугэр, сарсыарда 10 чаастан эбиэккэ дылы, тэрилтэ салайааччылара, биирдиилээн кыһалҕалаахтар, атах тэпсэн олорон боппуруостарын биэрдилэр, көрдөһүүлэрин, санааларын толору этиннилэр. Эдэр, эрчимнээх, үлэни өрө туппут уолаттарбыт элбэҕи сэһэргээн, саҥа сокуоннары, уларыйыылары билиһиннэрэн, көрсүһүүгэ кэлбит дьон, аныгы олох тутулун билэн, иҥэринэн олус астынан тарҕастылар.
Ханнык баҕар нэһилиэккэ, оскуола — олоҕу түстээччи, олох суолун арыйааччы, уһаарыллан — хатарыллан тахсар кыһабыт, кэм бары ирдэбиллэригэр бэлэмнээх буолуубут мэктиэтэ буолара саарбаҕа суох. Ил Түмэн депутата Александр Сусоев Сииттэбит орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта истиҥ, аһаҕас кэпсэтии тэрийэн ыытта. Билиҥҥи ыарахан кэмнэргэ, үүнэр ыччаттарбыт, олох киэҥ аартыгар үктэнэллэригэр, улахан дьон курдук, аһаҕастык кэпсэтэн, бириэмэтин көрөн сүбэлээн- амалаан, сир үрдүгэр икки атахтаах күн сылаас сыламынан угуттананнар, орто дойду одурууннаах олоҕор оройдорунан түһэннэр, үлүмнэс үөрүүнү билэннэр, инникитин айыахтара — тутуохтара турдахтара. Ыччат дьоммут иннилэригэр, уһун уунньуктаах суол тыргыллар, кинилэр тыыллан — хабыллан, эрчимнээхтик, эрэллээхтик инники диэкки хардыылыылларыгар көмө — тирэх буолар дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүү оҥорбуттара биһирэнэр хайысха.
Сииттэ нэһилиэгин баһылыга Семен Тимофеев бириэмэтин көрөн, сөптөөх быһаарыылары тутатына ылынан, улахан соруктары туруорунан, саҥа сонун сүүрээннэри киллэрэн, үлэтин киһи холобур оҥостор гына саҕалаабыта, номнуо иккис сыла буола оҕуста диэн бэлиэтиир Александр Сусоев. Семен Тимофеевич тэрилтэлэригэр улахан болҕомто уурар, барытыгар көмөлөһөр. Нэһилиэкпитигэр култуура дьиэтэ айымньылаахтык үлэлии — хамсыы олорор. Култуура эйгэтэ дьон түмсүүлээх буоларыгар, сайдыыга, кыайыыга кынаттыыр диэн норуокка үтүө өйдөбүл баар. Маны таһынан дойдубутугар В.Е. Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолатыгар үөрэнээччилиин, үлэһиттэрдиин сүүсчэкэ киһиэхэ тиийэр улахан кэлэктииптээх тэрилтэ баарынан киэн туттабыт. Нэһилиэкпитигэр биир улахан, көхтөөх тэрилтэтэ буоларынан бары олохтоохторбутугар холобур эрэ буолуохтаах диэн сыаналыыбыт. Биир бөһүөлэккэ олохсуйан олорон, биир эбэттэн аһаан — сиэн, үөрүүнү — хомолтону тэҥҥэ үллэстэн, үлэлээн — хамсаан кэлбиттэрэ, былырыын 95 сылын туолбута да туоһулуур.
Көхтөөх «Чуораанчык» детсад иитээччилэрэ саҥа уһуйаан дьиэтэ тутулларын туруорсубуттара балай да сыл ааста, ол да буоллар, Семен Тимофеев уонна улууспут баһылыга Иван Иванович Левин кэпсэтиилэринэн хамсааһын тахсыах курдук диэн сэмээр истэн үөрэбит уонна күүтэбит. Кэлэр сылларга олохтоох дьаһалтабыт, улуус салалтата көмөлөһөн, өйөөннөр кулууппут дьиэтэ өрөмүөннэнэн үөрүүлээх аһыллыыта буолуо диэн эрэнэ күүтэбит. Дьон доруобуйатын туһугар сынньаммакка түбүгүрэр үрүҥ халааттаах аанньалларбыт, үлэлиир услуобуйалара тупсарыгар эрэл кыыма баарын истэммит эмиэ үөрдүбүт.
Дьэ, ити курдук, кырачаан Сииттэбит үүнүөҕэ — сайдыаҕа, олохтоохтор астына — дуоһуйа олорор услуобуйалара тубустар тупсан иһиэҕэ диэн улахан эрэллээхпит.
.