Сииттэҕэ олохтоох баһылык Семен Тимофеев 2023 сылга ыытыллыбыт үлэтин отчуота буолан ааста.
Спортзалга нэһилиэкпит дьоно — сэргэтэ, олохтоох баһылык сыллаа5ы үлэтин — хамнаһын сэҥээрээччилэр тоҕуоруһа муһуннулар. Буоларын курдук нэһилиэкпит саамай улахан тэрилтэтэ, Сииттэбит орто оскуолатын үлэһиттэрэ (дир. Андрей Новгородов), детсад коллектива (сэб. Ольга Александрова) көхтөөх кыттыыны ыллылар. Төрөөбүт Сииттэбит бөһүөлэгэ ааспыт сылга, өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр аналлаах улахан республиканскай, улуснай тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын туһунан улууспут хаһыатыгар суруйан билиһиннэрэн турабыт. Семен Тимофеев баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ номнуо икки аҥар сыла буола оҕуста. Нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ кинини опыттаах салайааччы, дойдутун сайыннарар баҕа санаата күүстээҕин, хас биирдии киһиэхэ истиҥ сыһыанааҕын, кыаммакка, кырдьаҕаска өрүү болҕомто уурарын бэлиэтээн, олохтоохтор хайҕал, махтал тылларын элбэхтик тиэрдэллэрин истэбит. Ылсыбыт үлэтин тиһэҕэр тиэрдэн эрэ баран уоскуйар, үлэһит киһиннэн билинэбит. Баһылыгынан талыллаат улахан болҕомтону тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар уурбута. Биһиги билэрбитинэн тыа хаһаайыстыбата саамай ыарахан салаа, күн — дьыл хайдах турарыттан, хайдах кыстык ааһарыттан, кылгастык эттэххэ бары болҕомтону күүстээхтик уурдахха эрэ, элбэх төрүөҕү, үрүйэлии сүүрдэр үрүҥ аһы ылаҕын. Сииттэ нэһилиэгэр уопсайа алта крестьянскай хаһаайыстыба сүөһү, сылгы уонна сибиинньэ иитэн олорор. 2023 сылга, кыстыкка 276 ынах сүөһү, ол иһиттэн 141 ыанар ынах, 216 сылгы, ол иһигэр 137 биэ кыстаан турар. Былырыын заявканнан 150 төбө куурусса кэлэн түҥэтиллибитэ. Ол курдук, сыл аайы уотурбаны, эбиэһи быспакка аҕалтараллар, эмиэ заявканнан 18 туонна комбикорм, 1,5 туонна эбиэс , 3,5 туонна күөх от кэлэн олохтоохторго түҥэтиллибитэ. От атыылаһыытыгар 30℅ субсидия, 533 тыһыынча көмө харчыннан туһаннылар. Икки крестьянскай хаһаайыстыбалар «Унаардаах» заготовители кытта договордаһан 413 центнер үүтү туттаран эбии дохуот киллэриннилэр. 10 ыал мотокоса ылалларыгар 50 ℅ көмө оҥоһулунна, уопсай сууммата 83,349,00 солк. От былаана 1101 туонна туолбута. Сииттэбит нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан, Кэбээйибит улууһун баһылыгар Иван Иванович Левиҥҥа, нэһилиэкпитигэр улахан болҕомто ууран, өйөбүл буоларыгар махтал тыл бастыҥын тиэрдэбит.
Семен Тимофеев сүҥкэн үлэлэрэ, хамсаныылара, барыта төрөөбүт дойдута силигилии сайдарын туһугар ананан ыытылларын хас биирдии олохтоох астына бэлиэтиир. Республиканскай ППМИ программатыгар киирэн нэһилиэкпит Портовской уонна Кирова уулуссаларыгар аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир тимир уот остуолбалара уонна 51 устуука светильниктар установкаланнылар. Ону таьынан Лесной, Н.Н. Попова, Набережная уулуссаларга эбии светильниктары туруоран дьон махтала улахан. Олохтоох култуура киинин үлэһиттэрэ (дир. Марианна Сивцева) Российскай Федерация граныгар кыттан икки проект суруйан кыайыылаах тахсыбыттара, бу эмиэ нэһилиэкпитигэр биир сайдыы суола буоларынан киэн туттабыт. Бу ситиһии НКО женсовет (салайааччы Ольга Левина) иһинэн кыттыыны ылан, нэһилиэкпитигэр үөрэ — көтө уличнай тренажердары, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар, оҕолорбутугар анал хос аһыллыыта үөрүүлээх быһыыга буолан ааспытын бары билэбит. Нэһилиэкпитигэр ТОС нөҥүө саҥа детскай площадкалар ылылыннылар.
Ханнык баҕар үлэ, сир — уот докуменыттан саҕаланар. Ол чэрчитинэн ийэ, ыччат сквердарын докуменнара барыта полностью оҥоһулунна, олохтоох дьаһалта балансатыгар ылылынна. ТКО площадкаларыгар сэттэ точкаҕа сирин докуменнарын барытын оҥорон, кадастровай учетка туруордулар. Суол хаһаайыстыбатыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Новая уулуссаҕа кальятын барытын көннөрөн буор уонна ПГС кутулунна. Уулуссалар ааттарынан указателлар оҥоһуллан, дорожнай знактар саҥардыы уонна саҥалыы саҥа быраабыланы тутуһан барытын туруордулар. Кирова уулуссаҕа икки видеокамера туруорулунна. Мантан элбэх сөптөөх докуменнары, барытын тиһэҕэр тириэрдэр үлэлэр күүстээхтик ыытылыннылар.
2023 сылга СВО-ҕа сылдьар уол дьиэ кэргэнигэр социальнай газификация киллэрэн уопсай көмө сууммата 150 тыһ. солк. тэҥнэспитэ. Нэһилиэкпитигэр иккис сылын тохтоло суох СВО-ҕа улахан көмөлөр ыытылыннылар, билигин да көхтөөхтүк салҕана турар. Олохтоохтор биир киһи курдук барытыгар түмсэллэрэ улахан махталлаах суол буоларын Семен Тимофеевич бэлиэтээтэ уонна махтал тыл бастыҥын тириэртэ.
Нэһилиэкпитигэр улуустааҕы «Байанай» күрэҕэ республиканскай таһымнаах, үбүлүөйдээх ыһыахпыт, ону тэҥэ улахан республиканскай «Тойон муҥха» тэрээһинэ олохтоохтор көмөлөрүнэн, түмсүүлэринэн үрдүк таһымҥа ааспытын үрдүктүк бэлиэтээтэ. Бу кып — кыра бөһүөлэкпитигэр улахан ситиһии диэн санаалаахпыт. Хас биирдии кыһаллар бөһүөлэк, улууһун, дойдутун аатын ааттатар туһуттан, үөрэ — көтө тэрийэр кыахтаах эбит диэн сыаналаатыбыт.
Семен Тимофеевич нэһилиэгин тэрилтэлэрин кытта ыга сибээстээхтик үлэлиирэ, кинилэр туох проблемалаахтарын, кыһалҕалаахтарын хас планерка аайы барытын тиһэҕэр дылы токкоолоһор идэлээх. Кыаллыбатах боппуруоска кыаҕа баарынан көмөлөһөн, сүбэлээн элбэх көмөнү оҥорор. Нэһилиэкпит аата үрдүктүк ааттанарыгар, үлэ түмүктээх, хаачыстыбалаах буоларыгар бары салайааччылартан ирдэбилэ улахан. Олохтоох култуура үлэтэ буоларын курдук нэһилиэги кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииригэр, олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев көмөтө, сүбэтэ элбэх. Кини бар дьонун үөрдээри — көтүтээри, күрэхтэргэ сыаналаах бириистэри, махтал суруктары харыстаабакка туттарар уонна спонсордыыр. Нэьилиэкпитигэр ыытыллар араас интэриэһинэй хабааннаах тэрээһиннэргэ, бар дьоммут үөрэ — көтө кытталлара хайҕаллаах уонна махталлаах суол.
2023 сылга барыта кыралыын, улаханныын 72 тэрээһин буолан ааста, дьону хабыы 1000 — ча курдугунан аһара былааммыт туолан үөрүүбүт улахан, ол аата дьон тэрээһиннэри билигин да сэргиир, сэҥээрэр эбит диэн санаабыт көтөҕүллэр, эрэли саҕар. Нэһилиэкпитигэр аҥардас култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, СВОттан саҕалаан, аадырыстаах көмөлөрү барытын ааҕан туран, сылга 610 тыһыынча солкуобай харчы эргийэр, дьэ итинтэн көстөр амарах, үтүө санаалаах дьон олороро, барытыгар күүс — көмө буолаллара. Олохтоох дьаһалта техническай, материальнай өттө күүстээхтик хааччылынна.
Бу статьяҕа нэһилиэкпит үлэтэ — хамнаһа кыра аҥара эрэ ахтылынна. Дьэ, ити курдук, аҕыйах сылынан таас детсадпыт дэндэйиэ, олохпут салҕыы устуо. Инникитин өссө улахан былааннар, түмсүүлээх үлэлэр күүтэллэрин туһунан баһылыкпыт билиһиннэрдэ. Олохтоохтор Семен Тимофеев сыллааҕы үлэтин үрдүктүк биһирээтилэр уонна «Туйгун» сыананы биир киһи курдук бары бииргэ куоластарын биэрдилэр. Баҕа санаа бастыҥын тириэртилэр, өссө үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары баҕардылар. Барыта этэҥҥэ эрэ буоларыгар, ыарахан сэрии түмүктэнэн, оҕолорбут этэҥҥэ түргэнник кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар кэлэллэрин туһугар алгыс тыл маанытын анаатылар.
Марианна Сивцева