Сииттэ оҕолоро сандал сааһы көрүстүлэр

Сииттэбит нэһилиэгэр сааскы сандаархай сааһы уруйдаан — айхаллаан, оҕолорго аналлаах тэрээһин бэрт сэргэхтик буолан ааста. Оҕолор бука бары лоп курдук хойутаабакка, биир — биир бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн спортзал дьиэтигэр тоҕуоруһа муһуннулар. Эрдэттэн элбэх оҕолор кэлэллэрин билэр буоламмыт, кыраһыабай киэргэллээх, минньигэс туортаах уонна утахтаах остуолбутун тилэри тардан бырааһынньыктааҕы атмосфераны оҥордубут.

Таһырдьа күрэх буоларыгар оҕолорбут бэлэмнэнэн, бары ичигэстик таҥнан кэлэннэр дьэ тоҥуу хаартан чаҕыйбакка, астына — дуоһуйа, дойдубут маанылаах хаарыгар куттаммакка буккулуннулар. Оҕолорбут үттү мэниктээн, сибиэһэй салгыны толору иҥэринэннэр, сэниэлэрэ эстиэр дылы күрэхтэстилэр. Дьэ, бу буолар буоллаҕа оҕолорго толору дьол диэн. Таһырдьа оонньоон бүтэн, спортзалга киирэн, маанытык тардыллыбыт остуолбутугар үөрэ — көтө чэйдээтилэр уонна күрэхпит иккис чааһын аны дьиэҕэ салҕаатыбыт.

Ол курдук, хамаанданнан арахсан Салим Расулов уонна Федя Оконешников хамаандыыр бастыҥнара буолан, көрү көҕүлүттэн туттулар. Күрэхпит сэттэ түһүмэхтэн турда. Сытыы киирсиилэр, сыыдам хамсаныылар дьэ манна буоллулар. Кырачааннарбытыгар улахан эппиэтинэс сүгүллэрин билэр буоланнар, кытаанах хамсаныылары кинилэр таһаардылар. Хамандыырдарбыт хамаандаларыгар ыалдьаннар, тэбис — тэҥҥэ сырыстылар, бүдүрүйбүттэргэ көмөлөстүлэр, ытаабыттары ааттаатылар.

Дьэ күрэхпит түмүгүнэн хамаандаларбытыгар култуура үлэһиттэрин ааттарыттан холбоон биир блок соктарынан бэлэх ууннубут. Күрэхтэспит оҕолорбут үөрүүлэрэ өссө үксээтэ. Култуура үлэһиттэрэ үөрэнээччилэрбитигэр анаан кэс тылларбытын уонна махтал тыл истиҥин тириэртибит.

Ити курдук биир күн Сииттэбит оҕолоругар олус көрдөөх күн буолан ааста, төрөппүттэр ситим нөҥүө махтал тыл эриэккэһин тириэртилэр.

Марианна Сивцева.