Сииттэбит нэһилиэгин ийэлэрэ, эбэлэрэ быстах операцияҕа сылдьар буойуттарбытыгар үтүлүк, кээнчэ, моонньох онтон да атын сылаас таҥастары тигэн көмө онорорго, аһымал акция тэрийэн, үлэлэрин саҕалаатылар.
Бу тэрээһини олохтоох култуура киинин үлэһиттэрэ, ийэ декадатыгар сөп түбэһиннэрэн тэрийдилэр. Нэһилиэкпит ийэлэрэ илиилэрин сылааһын иҥэрэн, алгыс тылларын анаан, бары дууһаларын ууран туран тикпиттэрэ оҕолорбутун хайаан да арчылыа, араҥаччылыа диэн эрэнэн туран көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Быстах эпирээссийэ саҕаланыаҕыттан Сииттэ нэһилиэгэ элбэх, улахан көмөлөрү оҥордулар. Онон нэһилиэкпит дьонугар махталбыт муҥура суох. «Илиин сылааһын бэлэхтээ», » Барыта Кыайыы иһин!» бэргэн этиилэр билиҥҥи олохпут сүрүн ирдэбилэ буоларын бары бэрткэ өйдүүбүт уонна хайаан да Кыайыы өрөгөйдүө диэн эрэнэбит. Бу акцияҕа бастакыннан көмөҕө кэлбит эдэркээн ийэлэрбитигэр Анастасия Сидороваҕа, Туяра Поповаҕа, Екатерина Расуловаҕа, Анастасия Парниковаҕа, Ольга Петроваҕа, Марианна Захароваҕа, Настя Ногородоваҕа, Яна Оконешниковаҕа, Лена Васильеваҕа улахан махталбытын тиэрдэбит. «Алаһа» эбэлэр кулууптарын көхтөөх эбэлэрэ Мотрена Васильева, Татьяна Герасимова, Наташа Гуляева сүбэлэрэ — амалара, көмөлөрө баһаам.
Ити курдук Сииттэ нэһилиэгэ күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас диэн өбүгэлэрбит эппит ох тылларын ханнык да түгэҥҥэ умнубаттар.
Марианна Сивцева.