Сиитэлэр СВО-ҕа көмө туттардылар

Сииттэ нэһилиэгэр «Илииҥ сылааһын иҥэр» түмсүү олус түмсүүлээхтик үлэтин саҕалаата. Ол курдук, амарах, үтүө санаалаах ийэлэрбит, эбэлэрбит күн аайы спортзалга түмсэн, ис сурэхтэриттэн кэлэн, күүс — көмө буоланнар, икки улахан маскировочнайдары, блиндажнай чүмэчилэри, повязкалары бүтэрэннэр Дьокуускай куоракка анал пууҥҥа аҕалан барытын туттардыбыт.

Анал пункт үлэһиттэрэ ситтэлэри олус истиҥник көрүстүлэр уонна билэр буоланнар нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтатын баһылыгар Семен Тимофеевка, үтүө хамсааһыны өйүүрүгэр, өйдүүрүгэр улахан махталларын тириэртилэр. Сииттэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, коллективын көмөлөрүн эмиэ үрдүктүк бэлиэтээтилэр. Коллектив 63 окопнай чүмэчи оҥорон ыыттылар. Кыайыы түстэнэригэр сэмэй кылааттарын килэрбиттэринэн, оскуолабыт директорыгар Андрей Новгородовка анаан махталларын тиэртилэр. Маны таһынан алта куул быччыкы соболору нэһилиэк дьонуттан буланнар, Хатас оскуолатыгар пакетированнай ухалары бэлэмнииргэ тириэртэ, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Петр Степанов. Көмө собону тустаах аадырыска тириэртэ Сииттэбит эдэр ыччата Григорий Колмогоров.

Онон бука бары Кыайыы туһугар диэн үлэлээбит, үлэлии сылдьар дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Марианна Сивцева.

Читайте дальше