Биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов 75 сааһын туолбутунан, “Таас Тумус” диэн сэһэнин Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын дьиэтэ испэктээкил оҥорон, бу күһүн көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта. Ахсынньы 23 күнүгэр кинилэр испэктээкиллэрин Сангаар бөһүөлэгин олохтоохторугар аҕалан көрдөрдүлэр. Көрөөччү быһыытынан испэктээкил олус табыллыбыт дии санаатым. Ордук Тойболу оонньообут “Сайдам” норуот айымньытын дьиэтигэр култуурунай тэрээһиннэри тэрийээччинэн үлэлиир Климентий Эверстовы оруолун кыайа-хото туппутун бэлиэтии көрдүм.
Испэктээкили иилээн-саҕалаан туруорбут киһинэн “Сайдам” норуот айымньытын дьиэтин режиссера Наталья Иванова буолар. Кинини көрсөн, үлэ хайдах барбытын ыйыталастым.
- Бу испэктээкилбин ыам ыйыттан саҕалаабытым, — диир Наталья Афанасьевна. –Суруллубутунан сэһэн буоллаҕа дии, драматическай айымньы буолбатах. Онон сценарий суруйар сорук турбута. Бастаан мунаахсыйбытым, саҥа үлэлээн эрэрим да таайбыта буолуо, кыратык ыарырҕаппытым. Ол эрээри суруйуом иннинэ сэһэни иккитэ аахпытым, иккис ааҕыыбар биирдэ өйбөр чиҥник киирбитэ. Онон сайын уоппускам кэмигэр харахпар ойуулаан көрө-көрө, сценарийбын суруйбутум. Күһүн бары үлэбитигэр тахсан, атрибуттарбытын бэлэмнээн, сценарийбытын чиҥэтэн, туруорууну саҕалаабыппыт. Дьон көрүүтүгэр таһаарбыппыт икки аҥар ый буолла. Сэтинньи 17 күнүгэр театральнай сезоммутун бу испэктээбилбитинэн арыйбыппыт. Ахсынньы 5 күнүгэр Саха академическай драматическай тыйаатырын Алампа саалатыгар турбута. Киһи бөҕө кэлбитэ, астыммыттарын биллэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн ахсынньы 14 күнүгэр бэйэбит үбүлүөйбүт буолбута, онно Кэбээйигэ иккистээн көрдөрбүппүт. Сангаарга бу төрдүс көрдөрүүбүт. Дьон саҥа сүүрээн киирбит диэн астыналлар, махтаналлар.
- Сэһэн ааптара Николай Лугинов көрө илик буоллаҕа?
- Куоракка тиийэрбитигэр кини суох этэ, ол да буоллар эҕэрдэтин, үөрүүтүн тиэрдибитэ.
- Инникитин туох былааннааххыт?
- Былааммыт элбэх. Кэлэр сылга биир дойдулаахпыт,буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин үбүлүөйэ буолар, ону көрсө кини айымньыларынан оҕолорго туспа, улахан дьоҥҥо туспа испэктээкиллэри туруоруохпут.
Виктор Эверстов