Куокуй нэһилиэгэр «Сааскы күн сыламынан» кыһыны атаарыы «Сандал сааһы көрсүү» театрализованнай представленияннан саҕалаан,» Луҥха долгуннара», «Нарыйа» үҥкүү түмсүүлэрэ, Сардаана Егорова, Сардана Полятинская, кэскиллээх кырачаан ырыаһыппыт Айыллаана Дьяконова ырыаннан-үҥкүүнэн киэргэттилэр.
Петрушка, Лаврушка геройдар көмөлөрүнэн кыһыммытын атаардыбыт, Сандал сааһы көрүстүбүт. Оҕолорго, кэлбит көрөөччүлэргэ Варвара Никифоровна Спиридонова викторина ыытта. Ону таһынан, оҕолорго — «Хаатыҥка быраҕыыта», «Петушиный бой», «Көрдөөх стартар» күрэх ыытыллан, бары көхтөөхтүк- көрдөөхтүк кытыннылар, минньигэс бириискэ тигистилэр.
Ирина Афанасьевна Яковлева, Валентина Платоновна Иванова бурдук ас атылаан, кэлбит эрэ киһи өттук харалаах атыылаһан бардылар. Оҕо-аймах астына сыыртан сырылаан, сүүрэн- көтөн сибиэһэй сааскы күн сыламыгар астына сынньаннылар.
Сонуннарга анаан Полина Борисова.