Саамай сүрүнэ – нэһилиэнньэ кэмигэр хааччыллыахтаах

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыһыҥҥы суолунан суолталаах таһаҕаһы, оттугу тиэйии-таһыы сылын аайы сытыытык турар.

“Куокуй нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата кыһыҥҥы суолунан нэһилиэнньэни оттугунан хааччыйда. Ол курдук, “Сахатранснефтегаз” тэрилтэни кытары быһа дуогабар түһэрсэн 46 туонна курдук тарированнай дизельнэй уматыгы уонна бензин аҕалан нэһилиэнньэҕэ тарҕатта. Маннык практика 2019 сылтан, заправочнай пункт сабыллыаҕыттан, нэһилиэнньэ уустук балаһыанньатын өйдөөн олохтоммута. Ол курдук, суол суоҕуна оттугу булар ыарахаттардааҕын өйдөөн, сылын аайы кыһыҥҥы суолунан дизельнай уматык уонна бензин тиэллэр.
“Якутопторг” хайысхатынан сыл аайы араас бородуукта тиэллэн кэлэр. Манна социальнай суолталаах бородуукта киирэр. Быйылгы сылга 7 туонна бурдук уонна саахар нэһилиэнньэ сайаапкатынан тиэлиннэ. Кыстыкка диэри тиийэр аһылык бу күннэргэ 2 сэлиэнньэҕэ (Арҕас, Кальвица) тиэрдилиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын линиятынан 20 туонна курдук ынах-сүөһү аһа тиэлиннэ. Сүрүннүүр сайаапкалары крестьянскай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн ыаллар биэрдилэр. Ол курдук, сайаапканан комбикорм, гранулированнай от, зернофураж, эбиэс атыылаһыллан кэлэн түҥэтилиннэ.

Бу күннэргэ Дьокуускай куораттан нэһилиэнньэ сайаапкатынан сибиинньэ уонна сымыыттыыр куурусса тиэллэн кэлэрэ былааннанар.

Надежда Илларионова