«Олоҥхоһут да буолбатарбын…»

Олоҥхону толорооччу эрэ, эбэтэр олоҥхону айан таһаарааччы эрэ бу саха норуотун хатыламмат дьикти, кэрэ, уостубат суһумнаах жанрдарыттан биирдэригэр,олоҥхоҕо, сүгүрүйэр буолбатаҕын билэбит. Биһиги нэһилиэкпитигэр уран тарбахтаах иистээхтэр элбэхтэр. Кэлиҥҥи сылларга дьон-сэргэ өссө хонноҕо хоҥнон бу дьарыгы баһылаан эрэр. Онтон мин кэпсиир иистээҕим, төһө да норуот маастарын аатын-суолун ылбатар, нэһилиэккэ ити дьарыкка ураты көрүүлэрдээҕинэн, ураты ыраас буочардааҕынан биллэр. Кини туппута, кини буочара, кини ытыһын сылааһын иҥэрбитэ чыҥха атын.

Венера Егоровна Лугинова бортунуой идэлээх, бэйэтин идэтин толору баһылаабыт профессионал буолар. Тэрилтэтэ ыһыллыаҕыттан бастаан дьиэтигэр сакаас ылан иистэнэрэ. Түүлээхтэн саҕалаан чэпчэки таҥастарга тиийэ тигэрэ. Ол быыһыгар кэтэх хаһаайыстыбатын бэрийэн, дьиэ иһинээҕи дьонун-сэргэтин ураты истиҥ болҕомтотун ууран кыһаллан, элбэҕи кыайа тутан олорор.

Сакаас тигиитин быыһыгар айар дьоҕура сатаабакка күрэстэргэ кыттар. Хоһоон айыытын, ыстатыйа суруйуутун, онлайн күрэстэрин таһынан дьикти нарын, ураты уустук үлэлэргэ ылсан элбэҕи тигэн, тиһэн таһаарда.

Венера Егоровна, үөһээ ахтан аһартым курдук,олоҥхону оллоонноон олорон толорботор да, олоҥхо ураты оһуорун, олоҥхоҕо кэпсэнэр номоҕон Куоларын, уостубат күүстээх Уоланнарын, ардьайбыт абааһыларын таҥас кырадаһыннарыттан аттаран, быысабайдаан, оҕуруолаан, бу хатыламмат олоҥхо дойдутун, олоҥхо оһуорун, олоҥхо тылларын үйэтитиигэ лаппа үлэлэһэн кэллэ. Бу нарын-намчы ойуулаах-бичиктээх оҥорон таһаарбыт үлэлэрин хаппахчыга хатаан, сундуукка суулаан сытыарбахха олоҥхо декадаларыгар, олоҥхо ыйыгар уһуйааннарга уларсан, эбэтэр бэйэтэ кэлэн кырачаан норуокка кэпсээн, көрдөрөн бу жанры тарҕатыыга сэмэй кылаатын килэрэр. Биир кинигэтин кыраайы үөрэтэр түмэлгэ олоҥхо хоһугар дьон-сэргэ, оҕо-аймах көрөннөр иискэ дьарыктанныннар диэн сыаллаах бэлэхтээн турар.

Венера Егоровна олоҥхоҕо анаан барыта үс кинигэни таҥан таһаарда. Бу ураты дьэрэкээн кинигэлэрин таһынан “Кырачааннарга анаан» диэн сахалыы тыыннаах тигиллибит кинигэлээх.

Айар үлэлэрим барыта оҕолорго ананаллар. “Олоҥхо дойдута” диэн тигии кинигэлэрбин бэрт өр наардаан, өҥнөрү дьүөрэлээн тикпитим. Биир кинигэ кэнниттэн өссө санаам оонньоон иккиспин тикпитим. Онтон үһүс кинигэм ис-иһиттэн тахсан кэлбитэ. Кыраһынтан кып-кыра эттиктэри тигии олус уустук үлэ этэ гынан баран үлэм түмүгүттэн олус астыммытым. Уһуйааҥҥа, сиэннэрбэр кэпсиибин, көрдөрөбүн. Уруһуй кинигэттэн олох атын чааннаах буолан буолуо, оҕолор тутан-хабан, сыллаан сымнаҕаһын, сылааһын таптыыллар. Уонна өҥө-дьүһүнэ да ураты буоллаҕа» — диир Венера Егоровна.

Дьэ, итинник ураты талааннаах, ураты көрүүлэрдээх биһиги Венера Егоровнабыт. Маны таһынан Венера Егоровна «Үтүө түгэн” үрүҥ көмүс волонтердар түмсүүлэригэр саҥаны саҕааччы, үтүөнү үөтэрээччи буолар. Билигин буола турар анал дьайыыга таҥас-сап тигиитигэр анаан тэриллибит “Надежный тыл” түмсүүгэ иистэнэр, таҥас-сап быһыытыгар сылдьар. «Кулуһун кут олохтоох ааптардар түмсүүлэрин чилиэнэ, “За вклад в развитие народного художественного творчества”, “Мастер народных художественных промыслов» бэлиэлэрдээх.

Венера Егоровнаны улууска Дабаан хаһыат уопсастыбанай кэриспэндиэнин, олохтоох ааптарбыһыытынан билбэт киһи аҕыйах буолуохтаах. Онтон бүгүн Венера Егоровна киһи аайы бэриллибэт ураты дьарыгын көрө иликтэр көрүҥ, истэ иликтэр истиҥ.

Татьяна Максимова-Лазарева