Кэбээйи улууһугар олоҥхо сайдыыта

Бу күннэргэ Кэбээйи улууһугар сэргэх күннэр буолан аастылар. Ол курдук, СӨ геокультурнай сайдыы институтуттан оробуочай бөлөх кэлэн үлэлээн барда. Бөлөх сүрүн соругунан улууспутугар олоҥхо сайдыытын боппуруостара, Олоҥхо дьиэтин үлэтин тэрийии буолар, ону таһынан Кэбээйи улууһун ыһыахтарын тэрээһин үлэлэрин чопчулуурга төрүөттэри, сабаҕалааһыны билсии, улуус салалтата, нэһилиэнньэтэ тус санааларын, түмсүүлэрин, үлэлиир, тэрийэр баҕа тэтимин сылыктааһын.  

Оробуочай бөлөххө өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри тэрийэн, ыытан кэлбит бииртэн-биир чулуулар киирбиттэр. Улуус өттүттэн делегациялар ыаллыы сытар нэһилиэктэртэн саҕалаан Кировскай, Мукучу нэһилиэгиттэн тиийэ муһуннулар. Улуус дьаһалтатыттан баһылык бастакы солбуйааччыта Александр Сидорович Сивцев, дьаһалта үлэтин-хамнаһын салайааччы Илья Николаевич Алексеев, култуура управлениетыттан начальник Алексей Николаевич Терехов, СКД отделын начальнига Мария Ивановна Обутова, информационнай-аналитическай отдел начальнига  Татьяна Семеновна Габышева, Т.Е.Сметанин  аатынан улуустааҕы библиотека директора Анна Гаврильевна Ионова, библиотечнай-информационнай краеведение кылаабынай исписэлииһэ Анастасия Никифоровна Спиридонова, нэһилиэк баһылыктара Илья Иванович Левин,  Николай Иванович Левин, Ангелина Сергеевна Сивцева, Гаврил Викторович Егоров, Айыл Александрович Седельников, Сангаар бөһүөлэгин дьаһалтатыттан социальнай боппуруостарга сүрүн исписэлиис Туяра Спиридоновна Ефимова. Баһылыктар нэһилиэккэ тэрээһин үлэтигэр быһаччы сыһыаннаах исписэлиистэрин, салайааччыларын, директордарын илдьэ кэлбиттэр. Онон орто оскуола актовай саалатыгар оробуочай бөлөҕү кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиигэ, ыытар үлэҕэ-хамнаска, тэрээһиҥҥэ үлэлэһэр санаалаах көҕүлээччи балачча муһунна.

Оробуочай кэпсэтиини Илья Николаевич Алексеев икки өттүттэн билиһиннэрэн саҕалаата. Уонна үлэ саҕаламмытынан бөлөх салайааччытыгар геокультурнай сайдыы институтун директорын солбуйааччы Сардаана Семеновнаҕа Брызгалова биэрдэ.

Сардаана Семеновна бастатан туран оробуочай бөлөх сыалын-соругун билиһиннэрдэ. Улууска ураһа баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ: “Былыр төрүттэрбит ураһаларын төгүрүктүү оҥороллор эбит. Сахаларга «төгүрүк» олус суолталаах. Күн эргииринэн төгүрүктүү оһуохайдыыбыт. Эһиги улуускутугар Чагда нэһилиэгэр ураһа баар. Сарсын онно бара сылдьыахпыт».

«Эһиги түмсүүгүтүн көрдүбүт, хараххыт уота сытыытын бэлиэтээтибит. Биир ситим буолан улахан тэрээһини ыытарга бэлэмҥитин биһирээтибит. Ыһыах дьону түмэр, оҕо — ыччат санаата уларыйар. Нэһилиэккитигэр инники саҥа бырайыактаргыт тахсан кэлиэхтэрэ. Оробуочай бөлөх үлэбитин арыычча эрдэ саҕалаатыбыт. Интэриэһинэй тэрээһиннэр улууска буолсуктар диэн сылыктыыбыт. Тоҕо диэтэр, улуускут баһылыга Левин Иван Ивановичтыын кыра болдьоххо көрсөөрүбүн элбэҕи сөҕө-махтайа истибитим. Дириҥ ис хоһоонноох историялаах улуус эбиккит. Географическай балаһыанньаттан көрдөххө улуус иһигэр сыл устата суол баар буолбат. Онон суол баарына оробуочай хамыыһыйаны тала охсон бииргэ үлэни саҕалыыр тоҕоостоох. Ол эһиэхэ да, биһиэхэ да туһалаах, хорутуулаах буолуоҕа. Улуус кырыы нэһилиэктэрин барыларын хабан үлэ ыытылларын былаанныахпыт», — диир Сардаана Семеновна.

Салгыы олоҥхо институтун директора Руслан Николаевич Анисимов тылы ылла.

«Олоҥхо технология буолбута сүүрбэччэ сыл буолла. Биһиги тэрилтэ олоҥхону наука хараҕынан көрөбүт. Кэбээйи улууһугар икки сыллаах экспедиция кэлэн үлэлээбитин түмүгэр улуус 85 сыллаах убулүөйүгэр анаммыт «Кэбээйи улууһун фольклора» кинигэ таҕыста. Атын улуустар бу кинигэҕэ ымсыырдылар. Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһин манна ыытыллыытыгар бу кинигэ төһүү кинигэ буолар. Дьиҥэ бу кинигэни баҕарбыппыт ыраатта. Өр кэмҥэ сытан баран кэмэ кэлэн дьэ таҕыста. Кинигэҕэ ханна да суох историческай чахчылар киирдилэр. Онтон мантан копируйдааһын суох. 89 бырыһыана саҥа матырыйаал киирдэ», — диэтэ.

Руслан Николаевич Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһин түмэр, сааһылыыр кыахтааҕын, ураты күүстээҕин, суолталааҕын бэлиэтээтэ. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн тахсарын. Ханнык да улууска маннык эрдэттэн үлэ саҕалана илигин тоһоҕолоото.

«Ыһыах аһыллыытыттан, сабыллыытыттан тэрээһин олус тутулуктаах. Кырдьаҕас өттүн түмэн сүбэ-ама ылыы, эдэр өттүн эмиэ истии олус туһалаах буолар. Бииртэн-биир идеялар киирэллэр. Бу саҥа тахсыбыт «Кэбээйи улууһун фольклора» кинигэ сылааһынан сыдьаайар. Мин барытын аахтым уонна сөхтүм. Улуус өйүн-санаатын түмпүт кинигэҕит бу буолар», —  диэтэ СӨ Ресурсно-проектнай киинин методиһа Саргылана Саввична Адамова.

Оробуочай бөлөх чилиэттэрэ мультимедийнай отдел салайааччыта Вячеслав Васильевич Ефимов, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан үҥкүү тыйаатырын режиссера Изабелла Андреевна Егорова, олоҥхо тыйаатырын артыыһа Вероника Васильевна Лыткина бүгүҥҥү кэпсэтии тиэмэтинэн санааларын үллэһиннилэр.

Саргылана Семеновна Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһин тэрийэр үлэтэ култуура үлэһиттэригэр эрэ сүктэриллибэтин, бу үлэҕэ үөрэхтээһин салаата эмиэ сүрүн оруолу ылыахтааҕын санатта.

Салгыы улуус делегацията кэпсэтиигэ кыттыһан санааларын, этиилэрин үллэһиннилэр. Сүдү тэрээһиҥҥэ бука-бары кыттарга, түмсэргэ бэлэммитин иһитиннэрдилэр. Улуус делегацията кэлбит ыалдьыттары кытта төгүрүк остуол тэрийэн ирэ-хоро кэпсэтии, торумнааһын үлэлэрин кэпсэттилэр.

Оробуочай бөлөх үлэтин иккис күнүгэр сорохтор Чагда нэһилиэгэр айаннаатылар. Онтон бөлөх сорох чилиэттэрэ баҕалаахтары мультимедийнай искусстваҕа, хомуска, кырыымпаҕа оонньооһуҥҥа маастар-кылаас ыытан үөрэттилэр.

Онон икки күннээх үлэ-хамнас тэтинээхтик, түмүктээхтик ыытылынна диэн оробуочай бөлөх, улуус делегацията биир санааннан тарҕастылар. Салгыы бииргэ түмсүүлээхтик үлэлээһин торума түһэрилиннэ, олук охсулунна.

Татьяна Максимова-Лазарева