“Олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтэ, хомус дьүрүһүйэр тыаһа…”

Биллэрин курдук, сэтинньи ыйга бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха фольклорун муҥутуур чыпчаалыгар – олоҥхоҕо уонна Хомус күнүгэр аналлаах дэкээдэ сыл аайы тэрээһиннээхтик ыытыллар. Үтүө үгэс үтүмэн дьону-сэргэни, кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ хабан, сылтан сыл аайы салҕанан бара турара саха тыллааҕы үөрдэр, санаатын кынаттыыр. Саҥаттан саҥа эҥин бэйэлээх тэрээһиннэр буоланнар киһи сүргэтин көтөҕөллөр, инники олохпутун сырдыгынан сыдьаайаллар.

Быйыл Мукучу нэһилиэгэр олоҥхо дэкээдэтэ бэрт сонуннук, айымньылаахтык ыытылынна. Ол курдук, сэтинньи 24 күнүгэр СӨ Ил Дарханын, “Кэбээйи улууһа” муниципальнай тэриллии ТОСтары (түөлбэлэри) өйүүр социальнай гранын, “Мукучу нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии аҕа баһылыгын “Лучший социальный проект” анал аатын ылбыт “Кэскил” түөлбэ олохтоохторо (салайааччы Соломонова С.В.) уонна үөрэнээччилэр көҕүлээһиннэринэн, И.А. Николаев-Куоҕас Уйбаан “Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотунан куукуланан дьүһүйүү туруоруута, диискэ тахсыыта үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Тэрээһин саҕаланыытыгар саалаҕа киирэргэ көрөөччүлэри алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр. Дириҥ ис хоһоонноох быыстапканы тэрийэн нэһилиэк дьонун болҕомтотун тартылар.

Олоҥхону куукуланан дьүһүйүү олус интэриэһинэй, дьикти алыптаах, абылаҥнаах буолла. Мустубут дьон-сэргэ оҕолуун-уруулуун сэҥээрэннэр, олоҥхо дьоруойдарын кытта тэҥҥэ үөрдүлэр-хомойдулар, айыы бухатыыра кыайбытыгар-хоппутугар эгди буола түстүлэр. Куукуланан дьүһүйүү, ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, дьон махталын ылыан ылла. Түмүккэ бары астынан-дуоһуйан, илии илииттэн ылсаннар, төгүрүччү туран оһуохайдаатылар.

Бэлиэтээн эттэххэ, диискэ тахсыытыгар улахан дьоһуннаах үлэ барбытын чопчулуур тоҕоостоох. Олоҥхо уобарастарын арыйан оруолларынан ааҕыыга түөлбэ дьоҕурдаах дьоно кытыннылар. Ол курдук, дьүһүйүүнү сүрүннүүр ыытааччы – Татьяна Кычкина. Мүлдьү Бөҕө – Афанасий Васильев, Аан Дархан Хотун – Татьяна Гоголева, Ытык Ымыйалаан Куо – Евдокия Васильева, Тимир Хомурдаахый – Вячеслав Борисов, Нохтол Хотун эмээхсин – Татьяна Гоголева, Кытай Махсыын ууһа – Сергей Волков, Үрүҥ Уолан – Андрей Васильев, Ат – Айтал Степанов, Абааһы кыыһа – Татьяна Гоголева, Тимир Кирбиит ат – Сергей Волков.

Оттон сэтинньи 28 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр институтун фольклорнай экспедицията Кэбээйи улууһугар норуот тылынан уус-уран айымньытын чинчийиитин, сыралаах үлэтин түмүгүнэн бэчээттэнэн тахсыбыт “Кэбээйи фольклора” саҥа кинигэ биһирэмин сүрэхтэниитэ бүтүн хас даҕаны нэһилиэги түмэ тардан киэҥ хабааннаахтык ыытылынна. Иккис Лүүчүн нэһилиэгэ “Биэ уола Бэйбэлдьин тулаайах” олоҥхоттон түөрт көстүүлээх быһа тардыыны туруорбутун оҕо аймах, мустубут дьон сэргээн көрдүлэр, биһирээтилэр.


Танара орто оскуолатын кэллэктиибэ олоҥхо дэкээдэтин тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ылла. (Салайааччы – иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Кычкина А.Д., педагог тэрийээччи – Ноговицына А.П.) Ол курдук, 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ дэкээдэ устата фольклорнай нүөмэрдэри бэлэмнээбиттэрэ. Сэтинньи 29 күнүгэр орто уонна улахан сүһүөххэ “Олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтэ, хомус дьүрүһүйэр тыаһа…” диэн түмүк тэрээһин буолла. Тэрээһини Валентина Кондакова-Айтыына алгыс тылынан саҕалаата, оҕолору, учууталлары арчылаата. “Талбаана” фольклорнай түмсүү чилиэннэрэ (салайааччы Филиппова М.В.) хомус тардан дьүрүһүттүлэр итиэннэ хомуур хомус тардыытыгар ыҥырдылар. Анита Абрамова (8а кылаас), Сергей Волков (11 кыл.) туойан, олоҥхолоон иһитиннэрдилэр. Онтон кылаастар бэлэмнээн кэлбит фольклорнай нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр. Оһуохай (5 кылаас), “Сахам сирэ” ырыа (6 кыл.), норуот ырыата, үҥкүү (7а кыл.), “Майаҕатта Бэрт Хара” сценка (7б кыл.), хомус (8а, 10 кыл.),  чабырҕах (9а кыл.), поэт Иннокентий Левин “Кылыы Боотур” диэн орто саастаах оҕолорго аналлаах остуоруйа-поэматын уус-ураннык ааҕыы (9б кыл.). Хас биирдии кылаас, кыһаллан туран кыттан, истиҥ махтал суругу тутта. Итиэннэ норуот тылынан уус-уран айымньытын, чуолаан, олоҥхону, оһуохайы толорон дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт, нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитигэр Сергей Волковка (11 кыл.) анал махтал сурук туттарылынна. Түмүккэ үтүөнү, кэрэни, чөл олоҕу түстүүр, кэскиллээҕи кэрэһэлиир сахалыы оһуохай төрүттэннэ.

Маны сэргэ, сэтинньи 30 күнүгэр алын сүһүөххэ Арчы дьиэтигэр бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна. 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ фольклорнай нүөмэрдэри бэлэмнээн кэлэннэр көрдөрдүлэр. Чабырҕах эттилэр, норуот ырыатын, сахалыы ырыаны-тойугу тартылар, оһуохайы дьиэрэттилэр. Кылаастар бары көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин махтал суругунан наҕараадаланнылар. Олоҥхоҕо уонна Хомус күнүгэр аналлаах дэкээдэ өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэннэ.

Светлана Самсонова, Мукучу