«Оҕо сааһым ыллыгынан» анал быыстапка

Кэбээйи бөһүөлэгэр араас түмсүүлэр элбэхтэр. Онтон биирдэстэрэ «Харыстаан» коллекционердар кулууптара. Түмсүүбүт үлэлээбитэ биир сыла буолан эрэр. Бу биир сыл иһигэр араас тэрээһиннэри ыыттыбыт. Түмсүүбүт салайааччыта Зоя Яковлевна Сметанина, солбуйааччыта Александра Тихоновна Сивцева үчүгэйдик айымньылаахтык саҕалаан эрэллэр. Ол курдук, былырыын Саҥа дьыл саҕана «Советскай Союзтан төрүттээхпит», оҕо көмүскэлин күнүгэр – «Оҕо сааспыт оонньуурдара«, күһүн — «Ампаар кистэлэҥэ» быыстапкалары тэрийэн элбэх дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээбиппит.

Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан оҕо эрдэҕиттэн коллекциянан умсугуйан дьарыктаммыт убаастыыр учууталбыт Валентина Николаевна Иванова анал быыстапкатын тэрийдибит. «Оҕо сааһым ыллыгынан» диэн учууталбыт быыстапката олохтоох дьаһалта, З.Я. Сметанина, Г.П. Харлампьев, А.А. Максимова эҕэрдэ тылларынан, 10 «Б» университет кылааһын уолаттарын хоһоонунан, 5 «А» кылаас кыргыттарын ырыаларынан үөрүүлээхтик арылынна. Валентина Николаевна нуучча тылын уонна литературатын учуутала, өр кэмҥэ оскуолабыт завуһунан үрдүк таһымнаахтык үлэлээбитэ. Коллекциялыыр дьарыгы төрөппүттэрин көмөлөрүнэн уонна сүбэлэринэн саҕалаабыт. Оҕо сааһын хаартыскатыгар алта ыйдаах Валяҕа бастакы матрешкатын бэлэхтээбиттэрэ билигин да баар. Итинтэн кини матрешкалары таптыыр, мунньар алыпка ылларбыт буолуон сөп эбит. Билигин кини сүүстэн тахса араас матрешкалаах – куораттар, дьыл кэмнэрэ, сир астара, уруһуй арааһа, остуоруйалар о.д.а.

Быыстапка экскурсиятын Валентина Николаевна оскуолаҕа үөрэнэр кэминээҕи бэйэтин тэтэрээттэрин, дневниктэрин, ырыанньыктарын, бэлэх кинигэлэри көрдөрүүттэн саҕалаата. Биир күндү малыгар – балеткаҕа уура сылдьар араас омук сирин оҕолорун суруктарын, хаартыскаларын кичэллээхтик ууруна сылдьара киһини эрэ сөхтөрөр. Ити суруйсубут оҕолоро бэлэхтээбит аккырыыккалара кэҥээн-тэнийэн коллекциятын баай хайысхата буолбут.

Идэтинэн нуучча улуу суруйааччыларын туһунан аккырыыккалара олус элбэх. Маны таһынан коллекциятын хайысхата кэҥээн тэнийэн иһэр эбит – кэмбиэрдэр, ручкалар, чорооннор, кинигэлэр, сылгылар, чуораанчыктар, гороскоп, закладкалар.  

Быыстапка оскуолабыт биир киэҥ кылааһыгар турбута олус табыгастаах буолла. Үөрэнээччилэр киирэн көрөн сөхтүлэр, астыннылар. Араас мунньуулар анал сиргэ уурулланнар «кырдьык даҕаны ыраас, сырдык тыыннаах, кэрэ эйгэлээх бэртээхэй быыстапка турда ээ диэн биһиги астынныбыт уонна киэн тутуннубут.
Былыргыны быраҕыма, уруккуну умнума утум баарын харыстыахха, үтүө өйдөбүлү хаалларыахха.

Нюргустана Дьяконова, «Харыстаана«коллекционердар кулууптара.

Хаартыскаҕа – быыстапка түгэннэрэ, «Харыстааналар»(Максимова А.А., Софронеева Е.К.) түһэриилэрэ