Норуодунай суруйааччччы Николай Лугинов 75 сааһыгар.
Таас Тумус күөнүгэр быйыл литератураттан арыый тэйиччи үлэлээх, ол эрээри саха суруйааччыларын кытта алтыспыт, кинилэр доҕотторо, ССРС Государственнай Бириэмийэтин лауреата, саха норуодунай артыыһа Герасим Васильев кэлэн ыалдьыттаата. Герасим Семенович Саха драматическай театрыгар элбэх чаҕылхай оруоллары айбыт, норуот биир таптыыр артыыһа буолар. Онон бачча кэлбит киһини мүччү туппакка, кини санаатын-оноотун билэн хаалары наадалааҕынан ааҕабын.
– Герасим Семенович, төрдүҥ-ууһуҥ хайа диэкиний? – Мин Бүлүү улууһун 1-кы Күүлэт нэһилиэгэр, Бүлүү куоратыттан 14 көстөөх сиргэ, төрөөбүтүм. Былыргыта Кэбээйи улууһун кытта биир улуус сирэ буоллахпыт. Ити нэһилиэккэ А.С. Борисов аҕата Савва Борисов, үүнэр көлүөнэ театрын салайааччыта Алексей Павлов, эбээлэрэ Күүлэттэн төрүттээх хас да эдэр артыыс кыргыттар , циркэҕэ кыыллары кытта үлэлиир Нина Григорьева, тустууктар Эдуард Григорьев , Хаҥалас хахайа Григорий Петров, Манчаары оонньууларын 1-кы абсолютнай чемпиона Василий Томскай – бары Күүлэттэн төрүттээх дьоннор, онон баай устуоруйалаах, биллэр-көстөр дьонноох нэһилиэк. Былаас уларыйарын саҕана нэһилиэнньэтэ 700-чэкэ киһи этэ, билигин ыччат тохтуур, тутуу бөҕө барар сирэ буолан, дьонун-сэргэтин ахсаана 900-тэн тахсан эрэр. Бэйэм кырдьан баран сайын аайы дойдубар тиийэн сайылыыр буоллум, дьиэлээхпин-уоттаахпын.
– Саха театрыгар үлэлээбитиҥ төһө өр буолла? – Саха театрыгар 49-с сылбын үлэлиибин. Эһиил М.С. Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн, үлэлээбиппит 50 сыла буолар. Бииргэ үөрэммит доҕотторум истэригэр – 24 сыл култуура ми ниис тиринэн үлэлээбит, Чагдаҕа төрөөбүт Андрей Борисов, тыйаатыр дириэктэринэн 22 сыл үлэлээбит эмиэ эһиги уолгут Анатолий Николаев бааллар. Дьылҕам миэхэ оннук түбэһиннэрэн үлэлии-хамсыы сылдьабын.
– Бу Таас Тумуска уһуллар биэриилэр тустарынан туох санаалааххытый? – “Таас Тумус күөнүгэр” бырайыагы истэн-көрөн билэбин . Үөлээннээҕим драматург Баһылай Харысхал тиийэн кыттарыгар ымсыыра санаабыттааҕым. Онон быйыл Николай Алексеевич, хайаан да барыс диэн тыл көтөхпүтүгэр тута сөбүлэспитим. Бу бырайыагы саха литературатын, ускуустубатын, критикатын, уопсайынан духуобунай баайын нэһилиэстибэ быһыытынан саха кэлэр көлүөнэтигэр хаалларар кэс тылын, кинилэргэ анаан тэриллибит биэрии быһыытынан сыаналыыбын. Нуучча норуота “Век живи – век учись” диэн өс хоһоонноох. Онон 75 сааспын туолаары да сырыттарбын, үөрэнэр, саҥаҕа-сонуҥҥа кыттыһар хаһан да хойут буолбат, олоххор саҥа сүүрээн киирэр дии саныыбын.
Бу Таас Тумус курдук иччилээх, сүдү айылҕалаах сиргэ атах тэпсэн олорон кэпсэтии бэйэтэ туспа салгыннаах, энергетикалаах эбит. Эн бу бэйэлээх айылҕаны утары көрөн олорон, хайдах сымыйалыаххыный. Онон бу чиэһинэй биэрии, эппиккэ дылы, баары баарынан кэпсэтии, истибэтэххин истэҕин. Бу маннык саха култуурата, ускуустубата, литературата инникитин хайдах сайдан барыаҕын туһунан кэпсэтии барара хайаан да наада. Ити доҕорбут Баһылай Харысхал баран хаалла. Итинэн да сылтаан эт тэххэ, эдэр көлүөнэҕэ этэртыллаах дьон курдукпут. Бу да сырыыга урукку биэриилэртэн итэҕэһэ суох устуулар буоллулар диэн бэлиэтии көрдүм. Уонна Николай Алексеевич 75 сааһын туоларынан бэлиэ түгэн буоллаҕа. Кинини Сангаарга да, Куокуйга да дьоно-сэргэтэ үөрэн-көтөн, өрө тутан көрсөллөрүн көрөн, бэйэҥ эмиэ дьон-сэргэ сэҥээриитигэр сылдьар курдук сананаҕын. Киһиргиир сааспыттан тахсыбыт киһибин, ол да буоллар Николай Алексеевич үбүлүөйдээх сылыгар кэлэн, биэриигэ уһуллубуппунан астынабын.
– Бу биэриилэр интэриэһинэй ураты өрүттэрэ тугуй? – Бу кэпсэтиилэргэ биллэр дьоммут урут биллибэтэх, наһаа үөрэтиллибэтэх өрүттэрин сирийэн кэпсэтэбит, онон хойутун хойут ин тэриэһиргиир дьон хасыһан үөрэтиэхтэрэ турдаҕа. Норуот өйө-санаата, духуобунаһа итинник байытыллан иһэрэ хайаан да наада. Духуобунас суолтата дьиҥэр олус улахан. Мин Хатаска олоробун, уһанар сирдээхпин, онно уолаттарым кэллэхтэринэ чуумпуга чөкө олорон кэпсэтээччибит. Бу билигин эмиэ ким кимин тургутар кэм кэлэн турар быһыылаах. Төһө да аҕыйах ахсааннаах буолларбыт, биһиги курдук баай ис хоһоонноох устуоруйалаах, тыйыс айылҕалаах, тулуурдаах омук аҕыйах. Айылҕаҕа сөп түбэһиннэрэн олоруу, бу эмиэ омук тыыннаах хаалар биир ньымата, ону ити байыаннай дьайыыга да сылдьар уолаттарбыт көрдөрдүлэр, киһи истэ-истэ киэн туттар. Онон сылыктатахха ис турукпут, духуобунаспыт наһаа сатарыйбатах эбит. Оннооҕор биир дэриэбинэ дьоно маарыннаһар буолан хаалаллар, оттон биһиги Арассыыйаны кытта 4 үйэ бииргэ олорбут дьоммут. Улуу убайбыт Өксөкүлээх да эппитинии, биир дьылҕалаах дьоммут. Дойдубут этэҥҥэ олордоҕуна, биһиги эмиэ этэҥҥэ олоруохпут, ойуччу атыттартан ордон, бэйэбит эрэ үчүгэйдик олоруохпут, сайдыахпыт диэн саныыр кыаллыбат. Арассыыйа норуоттара итинник туруктаах өйдөөх-санаалаах, духуобунастаах омук да буоламмыт, бу НАТО хас эмэ уонунан дойдуларын утары тэҥҥэ киирсэ олордохпут.
Ааптар хаартыскалара.