Саха киһитэ атыгар олордо да ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордо да олоҥхоһут буолар. Айылҕабыт маанылаан үүннэрбит отун — маһын, сиэдэрэй сибэккитин, хамсыыр харамайын, көтөрүн — сүүрэрин, күннээҕи олоҕун хамсаныытын үтүктэн, кэрэтин иһиллээн, дэгэлдьитэ хамсанар, үҥкүүлээн сэгэйэр. Көрбүтүн, истибитин хоһуйар, кэрэтиттэн бэлэхтиир дьикти айылгылаах, айылҕалаах буолар.
Ол курдук, дэгэрэҥ ырыаны саха дьолугар айан — тутан, норуотугар бэлэхтээн хаалларбыт киһибитинэн Христофор Максимовы ааттыыбыт, махтанабыт, сүгүрүйэбит.
Эҥсиэли хочотугар, Нам сиригэр Афанасий Федорович Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дэгэрэҥ ырыаны айааччылар уонна саха төрүт үҥкүүтүн күөн — күрэстэрин түһүлгэтэ ыытылынна.
Бу эрэ киэһэ саха төрүт инструменыгар доҕуһуоллаан саха ырыата, үҥкүүтэ, дорҕооно иһилиннэ, бар дьоммутун угуттаата. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан ортотунан дэгэрэҥ ырыаҕа тоҕус ааптар кытынна, уон үс дэгэрэҥ ырыа ылланна, уон биир саха төрүт үҥкүүтэ толорулунна, 180 тахса киһи кытынна. Ол курдук, Уус — Алдантан, Чурапчыттан, Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгиттэн, Намтан, Дьокуускайтан, Покровскайтан, Хатастан.
Дьүүллүүр сүбэ: бэрэссэдээтэлэ — РФ уонна СР доруобуйа харыстабылын туйгуна, Христофор Максимов фондатын чилиэнэ, Христофор Максимов улахан уола Иннокентий Христофорович Максимов; Протасов Николай Васильевич СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Христофор Максимов фондатын «Ырыаһыт чыычаах» мэтээл хаһаайына, Амма улууһун «Гордость Амги» номинациятын хаһаайына; Андрей Терентьевич Замятин СӨ култууратын туйгуна, Нам улууһун «Туллук хаара» ырыа айааччыларын салайааччыта; Анастасия Степановна Васильева — СӨ култууратын туйгуна, Уус — Алдан улууһун В.Д. Лонгинов Бээрийэтээҕи орто оскуолатын ритмика учуутала;
Собакин Владимир Александрович — СӨ култууратын туйгуна, «Россия талааннара» норуоттар икки ардыларынааҕы уонна бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн күрэхтэр дьүүллүүр сүбэлэрин бочуоттаах чилиэнэ, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы»Родник» норуот айымньытын киинин куруһуогун салайааччыта, хореограф.
Күрэс икки көрүҥүнэн ыытылынна.
Дэгэрэҥ ырыа айааччылар:
1 Үрдэл — Сахаайа Колодезникова, Нам улууһа.
Доҕуһуолга «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө. «Туллук хаара» анал бириис бэлэхтээтэ.
2 Үрдэл — Афоима Решетникова, Чурапчы улууһа, Чакыр нэһ.
3 Үрдэл — Туйаара Бурнашева — Хатас нэһилиэгэ.
«Ааптар ырыатын бастыҥ толорооччу» — Зоя Баишева, Хатас нэһилиэгэ.
«Айылгылаах ырыаһыт » анал аат — Нина Хордогосова, Нам улууһа.
Саха төрүт үҥкүүтэ :
1 Үрдэл — Матрена Петровна Яковлева, Уус — Алдан, Суотту, «Өлүөнэ кытыла» бөлөх. Ону тэҥэ «Бастыҥ дэгэрэҥ үҥкүү» анал аат туттарылынна.
2 Үрдэл — Кэрэмэс Саргы Сатабыл кыыһа, Нам улууһа, «Ситим» бөлөх.
3 Үрдэл — Полятинская Сардана Даниловна, Кэбээйи улууһа Куокуй нэһилиэгиттэн «Нарыйа» бөлөх.
«Инникилээх салайааччы» анал аат — Ивановна Варвара Кирилловна, Нам улууһа, Хатыҥ — Арыы нэһилиэгэ.
«Кэрэ көстүү» анал аат — «Сатабыл» бөлөх, Хатас нэһилиэгэ.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ Нам улууһугар төрүт дорҕоон бөлөхтөрө тахсан, сайдан, үүнэн иһэллэриттэн киһи үөрэр, хайгыыр.
«Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө туруорбут анал бирииһин, » Дорҕоон» бөлөххө анаата, Нам улууһа, Хатыҥ — Арыы нэһилиэгэ. Салайааччы — Степан Находкин.
Сахабыт дэгэрэҥ ырыата, төрүт үҥкүүтэ, төрүт дорҕооно үйэлэргэ сүппэтин, сайда — үүнэ, чэчирии туруохтун.
Куокуй нэһилиэгиттэн » Нарыйа» үҥкүү бөлөҕө, салайааччы — Сардаана Даниловна Полятинская «Кырдал кыыһа» үҥкүүнэн күрэстилэр уонна 2 истиэпэннээх лауреат аатын ылан кыайыы кынаттанан кэллилэр.
Сонуннарга анаан, Полина Борисова, Куокуй нэһилиэгэ.