Муҥха — төрүт үгэспит

Кэбээйи агрооскуолатын 9-11 кылааһын уолаттара биирдии куул инчэҕэй соболоох кэлэн, дьиэ кэргэттэрин үөртүлэр.

Алтынньы 27 күнүгэр, Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күһүҥҥү сынньал күннэрэ туһалаахтык саҕаланна. Оскуолабыт сылын ахсын агро бырагыраамма чэрчитинэн улахан кылаас уолаттарын муҥхаҕа таһаарар үтүө үгэстээх.

Ол курдук, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Гаврил Харлампьев салайыытынан «Лиһэ» диэн эбэни тардан, уолаттары муңха сиэригэр-туомугар үөрэтэн, сибиэһэй салгынынан тыынан, үлэ үөрүйэхтэригэр сыстан, дуоһуйан кэллилэр. Онно эбии эбэлэрэ биирдии куул инчэҕэй собонон күндүлээтэ. Маннык үтүө үгэс сыллата тарҕана турдун!

«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата.