Мукучуга үрдүк таһымнаах кэнсиэр

Кулун тутар 19 күнүгэр «Дайан» култуура киинигэр Сайылыктааҕы кэрэ эйгэ преподавателлэрэ салайар түмсүүлэрин «Музыка для всех» проект чэрчитинэн Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах отчуоттуур кэнсиэрэ нэһилиэнньэ иннигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

«Күбэйэ» вокальнай ансаамбыл, салайааччы СӨ үтүөлээх үлэһитэ Самсонова В.И. музыкальнай салайааччы РС(Я) үтүөлээх үлэһитэ Степанов Р.К. кэнсиэркэ кыттыыны ыллылар.
«Айыллаана»,»Сыдьаайа» вокальнай ансаамбыл салайааччы СӨ култууратын туйгуна Айталина Макарова, «Кыл кылыһах» саха инструменнарын ансаамбыла, салайааччы Татьяна Амбрамова. Трио «Лира», дуэт Айталина Макарова, Татьяна Абрамова, Александр Яковлев, Семен Гуляев, Антонина Каримова, салайааччы СӨ үтүөлээх үлэһитэ Роман Степанов. «Талбаана» фольклорнай ансаамбыл, салайааччы Матрена Филиппова, музыкальнай салайааччы Роман Степанов. «Иэхэй-Чуохай» фольклорнай ансаамбыл, салайааччы преподаватель СӨ култууратын туйгуна Сардана Жакипова. «Сайдыына» үҥкүү бөлөҕө салайааччы СӨ култууратын туйгуна Екатерина Иванова. «Уруйдаана», И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын үҥкүү бөлөҕө, Мукучутааҕы участковай балыыһа коллективын үҥкүү бөлөҕө, кытыы сытар Баҕадьа нэһилиэгиттэн «Мичийэ», «Лүүчүйэ» үҥкүү бөлөхтөрө салайааччы, СӨ култууратын туйгуна Оксана Иванова. Көстүүмнэри тиктэ, костюмер Мукучуга үрдүк таһымнаах кэнсиэр. Концерт тэрээһинигэр сүүрүү-көтүү үлэтигэр преподавателлэр Спиридон Сергеев, Намол Протопопов. Кэнсиэри иилээн саҕалаан ыытта, Мастаах филиалын преподавателэ Эдуард Захаров. Сценарийы бэлэмнээтэ СӨ култууратын туйгуна Анна Борисова. Сонун концерды көрөн көрөөчүлэр да, кыттыбыттар да дьон дуоһуйа сынньанан, астынан тарҕастыбыт.

Преподаватель СӨ культууратын үтүөлээх үлэһитэ Валентина Самсонова.