“Илии сылааһа” республикатааҕы иистэнэр сыах (салайааччы И.Е. Саввина) үлэтин СР Правительствота өйүүр, ыраах улуустарынан сылдьан маастар-кылаас оҥорорун өйөөн транспорынан хааччыйар, суоппары сыһыарар. Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүү куоракка сылдьан бараннар Мукучутааҕы филиалга волонтердар Лена Николаевна Новгородова, Альбина Петровна Лукина уонна бу күһүн сылдьыбыт Сусанна Николаевна Нахова кэлсибиттэр.
Ирина Егоровна этэр: “Бу икки күн иһигэр биэс дюспо куртка, үс тактическай ырбаахы, түөрт футболка, сэттэ снуд тиктилэр, 73 алгыстаах саппыйа бэлэмнээтилэр. Хааччыстыбалаахтык, түргэнник үлэлииллэр. Уот барбата эбитэ буоллар өссө да тигиэх эбиттэр”, — диэн филиал иистэнньэҥнэрин хайҕаата.
Быйыл саҥа тэриллибит филиал дьиэтин, хаһаайыстыбатын, үлэ хаамыытын илэ харахтарынан көрөн астыннылар. Төрөөбүт күннээх Ирина Егоровнабыт республика араас муннугуттан онлайн эҕэрдэ тутта. Мукучулар — Дуоҕа Боотур удьуордара — патриотическай эйгэлээх общественнай, волонтерскай үлэни иилээн-саҕалаан, салайан илдьэ сылдьар киһибитин эҕэрдэлээтибит. “Мукучу нэһилиэгэ көхтөөхтүк, айымньылаахтык үлэлиир сир”, — диэн Сусанна Николаевна санаатын үллэһиннэ. Салгыы Горнай улууһугар үлэлии бардылар.
Мукучу нэһилиэгин пресс-сулууспата