Мукучу эмчиттэрин биригээдэтэ Арыктаахха үлэлээтилэр

Мукучубутуттан эмчиттэр Арыктаахха бараннар алтынньы 25-27 күннэригэр сарсыардаттан 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри үлэлээн кэллилэр.

Арыктаах Кэбээйи балыыһатыгар сыһыарыллыбыт, ол эрээри үрэх тура илик буолан улуус кылаабынай бырааһа  Диана Владимировна Варфаломеева көрдөһүүтүн ылынаннар сырыттылар. Фельдшер Николай Николаевич Прокопьев уонна медицинскэй сиэстэрэ Туйаара Александровна Григорьева 7 чаас кэриҥэ айаннаан тиийбиттэр, өр сылларга суһал көмө массыынатыгар үлэлии үөрүйэх суоппар Алексей Иванович Саввинов илдьэ сылдьыбыт. Медицинскэй көрүү оҥорбуттар, анализ ылбыттар, гириип утары вакцина туруорбуттар. Эһээхэй оҕотуттан, хат дьахтарыттан саҕалаан сытар ыарыһахтарга тиийэ уопсайа 137 киһини көрбүттэр. Оскуола оҕото — 50, уһуйаан оҕото — 20, биир саастарын туола илик 5 оҕо, 85 саастаах икки кырдьаҕас баар эбиттэр.

Нэһилиэнньэ уопсай туруга орто. Ордук фельдшерга, лабораторияҕа, эмпкэ, оҕо аһылыгар наадыйаллар эбит. Саҥа тутуллубут фелдьшерскай-акушерскай пууну көрөннөр астыммыттар. Бэҕэһээ сана ФАП-ка Мукучу суһал массыыната малын, тэрилин илдьэн биэрбит. Арыктаахха түспүт ыалларыгар Анна, Алексей Ноговицыннарга муҥура суох махтаналлар, доруобуйаны, үлэлэригэр ситиһиилэри, нус-хас олоҕу баҕараллар.

Мукучу нэһилиэгин пресс-сулууспата