Олунньу ый 17-18 күннэригэр Мастаахха улууспут аҕа баһылыга Иван Иванович Левин бирииһигэр бильярд күрэҕэ ыытылынна. Биллэрин курдук улууспутугар бильярд оонньуута күүскэ сайынна. Хас сылын аайы үрдүк таһымнаах бильярд күрэхтэһиилэрэ ыытыллаллар. Онон сиэттэрэн Кэбээйи уолаттара бильярды өрө туппут дьоммут өрөспүүбүлүкэҕэ да кыттаннар тыас таһаарыахтарын сөп эбит диэн биһиги аҕа баһылыкпыт Юрий Иванович Лепчиков санаатын үллэһиннэ.
Бу күрэх улуус баһылыгын бирииһигэр сыл аайы ыытыллара буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Иван Ивановичка улахан махталларын тиэртилэр. Ону сэргэ кулун тутар ыйга кэккэ былааннарын сырдатта. Ол курдук, Александр Петрович Петров (Саачык) бирииһигэр бильярд күрэҕин уонна спорт биир көрүҥэр «Дартска»күрэх ыытарын биллэрдэ. Бу саҥа сүүрээн бильярды өрө туппут бар дьон кыттыахтара диэн туран ыҥырда. Бүгүҥҥү күрэххэ ким бэлэмнээх, күүстээх санаалаах ол кыайдын диэн түмүктээтэ. Тыл этэригэр ыҥырдылар Кэбээйи улууһун бильярд түмсүүтүн салайааччытын Иннокентий Иннокентьевич Ивановы. Оонньуу кыттыылаахтарыгар баҕа санаа бастыҥын анаата. Дьэ ,билигин бильярд успуордун сэҥэрээччилэригэр анаан ылбаҕай ырыатын бэлэх ууна кэллэ норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Ариан Вадимович Дьяконов. Эҕэрдэ ырыа кэнниттэн Уус -Алдаҥҥа ыытыллыбыт Дыгын оонньуутун путёвкатын ылбыт биир дойдулаахтарбытын дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтибит. Ол курдук, уолаттарбытын успуорка уһуйбут тренербитин, Саха Сирин успуордун маастара Николай Ивановы үөрэ -көтө дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр,эҕэрдэлээтилэр үлэтигэр-хамнаһыгар үрдүк дабайыылары,ситиһиилэри баҕардылар.
Икки күннээх тыҥааһыннаах бильярдка турнир түмүктэннэ. Турнир иккис күн улууспут баһылыга Иван Иванович Левин бэйэтинэн кэлэн турнир кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Бүгүҥҥү күрэхпит кыайыылаахтарын кытта билиһиннэриэм. Ол курдук :
8 миэстэ — Лугинов Николай (Кэбээйи)
7 миэстэ — Игнатьев Ильян (Кэбээйи )
6 миэстэ — Григорьев Леонид (Мукучу)
5 миэстэ — Григорьев Александр (Мукучу).
Барыларыгар илии тутуурдаах өттүк харалаах тэрийээччилэр үөрдэ-көтүтэ туттардылар.
3 миэстэҕэ тигистилэр Иванов Иннокентий (Кэбээйи) уонна Румянцев Геннадий (Кальвица)15 тыһыынчалаах сертификатынан, кубогынан наҕараадаланнылар.
2 миэстэ — Докторов Афанасий (Кэбээйи), 25 тыһ. сертификат, кубок туттарылынна.
1 миэстэ — Иванов Виктор (Кэбээйи), 45 тыһ. сертификат, кубок бэлэх ууннулар.
Муҥутуур кыайыылаахтары бука барыларын эҕэрдэлиибит. Бу манан эрэ күрэх бүппэт, аны кулун тутар ыйга Мастаахха бильярдка уонна саҥа успуорт көрүҥэр дартска күрэх ыытыллар. Бильярд — эрчимнээх илиилээхтэр, кыраҕы харахтаахтар, тобуллаҕас толкуйдаахтар оонньуулара. Бары ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлэннэр сытыы киирсиилэри аныгыскы күрэххэ көрдөрүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Инникитин бу успуорт көрүҥэр Кэбээйи уолаттара дойдуларын аатын ааттата турдуннар, ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэн истиннэр!
Сардана Жакипова, Мастаах бөһ.