Мастаахха «Түмэр күн» ыччат бэстибээлэ буолан ааста

Биһиги нэһилиэкпитигэр добун сураҕа дойдуга үөскээбит, киэҥ сураҕа кэпсэлгэ киирбит, бастахха бараммат Быраҥаатта эбэлээх, ыалдьытымсах дьоннордоох Лүүчүммүт бөһүөлэгэр саргылаах күн үүннэ. Дьэ, саҥа сылга саҥа саҕахтар, саҥа сонун тэрээһиннэр ыытылыннылар. Тоһуттар тымныылаах тохсунньу ый 3 күнүгэр Мастаахха Кэбээйи улууһун ыччат бэстибээлэ «Түмэр күн» бииргэ сомоҕолоһон, түмсүүлээхтик түмсэн, эдэр саас эрчимнээх оонньуутугар күрэхтэһэ саҥа доҕоттордуун билсиһэ, санаа бастыҥын атастаһа, айар талааннарын көрдөрө тиийэн тиксэн кэллилэр Арыктаах уонна Чагда эдэр ыччаттарын хамаандалара.

Сарсыардаттан В.Т. Варламов аатынан успуорт саалатыгар спортивнай күрэх буолан ааста. Волейбол күрэҕэр күөн -көрүстүлэр. Ол курдук, 3 миэстэ — Чагда, 2 миэстэ — Арыктаах, 1 миэстэ-  Мастаах хамаандалара ааттаннылар. Эбиэт кэннэ норуот айымньытын дьиэтигэр «Дабаан» түмсүү устудьуоннарын кытта көрсүһүү төгүрүк остуол, хамаанданан арахсан оонньуу, көр-нар буолла. Оскуола оҕолоругар сөпкө идэни талыы туһунан бэсиэдэ ыыттылар. Киэһээ «Ыллаа-туой эдэр саас» диэн ааттаах хамаанданан оонньуулаах кэнсиэрт буолла. Күрэххэ дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр Арыктаахтан кулууп дириэктэрэ С.И. Иустинова, Чагда кулуубун дириэктэрэ А.А Михайлова, К. Стручкова, Кэбээйи улууһун «Бастакылар хамсааһыннара» салаатын бэрэстэбиитэлэ, Саха республикатын ыччат политикатын үтүөлээх үлэһитэ В.П. Потапов. Кэнсиэрт быыһыгар хамаанданан оонньууга кытыннылар. Ол курдук, оонньуу кыайыылаахтарыгар 3 миэстэ — Чагда хамаандата 20 тыһ. кириэһилэ-пуфик ылалларыгар сертификат, 2 миэстэ — Мастаах эдэр ыччата 25 тыһ. пуфик ылалларыгар сертификат,1 миэстэ Арыктаах хамаандата 30 тыһ сертификат туттарылынна. Маны таһынан спецбириис — Мастаах эдэр кэскиллээх Е.П. Афанасьев тимир ууһа оҥорбут саха быһаҕын Арыктаах уолугар Айаалга бэлэх ууннулар. С.И. Васильев аатынан норуот айымньытын дьиэтин аатыттан Арыктаахтарга кыайбыт хамаандаҕа 5 тыһ. сертификат үөрдэ-көтүтэ туттарда дириэктэр А.В. Дьяконов. 2-с Лүүчүн администрациятын аатыттан Чагда хамаандатыгар хас биирдии киһиэхэ шейкер бэлэх ууннулар.

Кэнсиэрт олус сэргэх, сонун нүөмэрдэрдээх. Ол курдук, ыраахтан сылдьар биһиги сөбүлээн истэр ырыаһыппыт Ирина Елизарова уола Рудольф Елизаров ылбаҕай ырыатынан бар дьону эҕэрдэлээтэ. Арыктаах кыргыттара узбекскай үҥкүүнэн киэһэни киэргэттилэр. Чагда кыргыттарын дуэтын толоруутугар Туприналар репертуардарыттан «Туман» диэн ырыаны бэркэ ыллаатылар. Мастаахтан аҕас-балыс Аня, Сахаайа Захаровалар гитаранан Моисей Кобяков ырыатын «Дьоллоох эбиппин» диэн нарын ырыаны ыллаатылар. «Сайдам» Е.А. Уваровскай үөрэппит уолаттара аныгылыы тэтимнээх үҥкүүнэн киэргэттилэр.

Ити курдук, тэрээһин олус сэргэхтик үрдүк таһымнаахтык ааста. Ыччат бэстибээлэ «Доҕордоһуу үҥкүүнэн» түмүктэннэ.

Үүммүт сыл ыччаттарбытыгар үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэри, чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.

Сардана Жакипова, Мастаах бөһ