«Луҥха эбэ уутуттан»

Савва Тарасов 90 сааһа

Бүгүн саха норуодунай бэйиэтэ Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 cыла. “Күн айыы киһитэ” диэн кинигэтигэр маннык ааттаах хоһоон баар:

Луҥха үрэҕин уутун иһээппин,

Кини эппитэ:

«Эйиэхэ күүс-уох киллээрпин,

Бука, умнума…»

Соһуйтум ону истээтин,

Хардартым тута:

«Иһээппин кытта иэстээтиҥ…

Тугуй уратыта?»

«Испитим мин элбэх өрүстэн,

Үрэҕи аахпаппын…

Билбэппин онтон өрүттэн

Күннээн барбыппын».

Истибитэ чуумпуран, налыйан

Луҥха үрэҕэ…

Быһыыта, ыраахтан сыналыйан

Хамсаабыта тугэҕэ.

Уонна, оҕонньордуу нүһэрдик

Сипсийбитэ кулгаахпар:

«Эн миигин үрдүктэн түһэрдиҥ

Куһаҕан – саныахпар.

Оттон мин баҕалаах буоларым

Ырыаҕа кыттарга,

Утаҕы үөрэ ханнарарым

Уот кураан да сылларга».

Хомоппут ол аар кырдьаҕаспар

Хоҥкуппутум хоолдьукпун,

Хойутун да кылыһахтаах тойукпар

Баҕарбытым холбуохпун.

Испитим мин элбэх өрүстэн,

Үрэҕи аахпаппын…

Луҥха эбэ уутуттан өрүттэн

Барбыппын умнубаппын.

Луҥха — Лена өрүс хаҥас салаата, 508 км уһуннаах. Горнай улууһун сириттэн саҕаланан баран И.И. Егоров суруйбутунуу «тайылҕаннаах сис тыалары быһа көтөн, тукулааннары, бэс чагдалары тыыран, ахсаана биллибэт сиэннэрин үмүрү тардан Ленаҕа түһүүтүгэр кэҥээн, өрүс киэбэ-таһаата көстүүлэнэр».

И.Р. Петров “Луҥха хоһоонугар үөскээбит үрэҕин уратытык хоһуйар:

Луҥха үрэх халаанныран

Туолан устар сүүрүгэ,

Эдэр кыыстыы тэһиин тутан

Эҥсэн туһэр Ленаҕа

Савва Тарасов Луҥха Эбэ туһунан кэпсэтии киэбинэн суруйбут хоһооно дириҥ ис хоһоонноох, олоҕор умнуллубат өйдөбүл. Луҥха эбэ уута күүс-уох киллэрэр, кылыһахтаах тойуктары үөскэтэр, олоҕу уһансар, утаҕы ханнарар.

Вера Заровняева, Кэбээйи