Күүһү барытын — кыайыыга

Суһал анал дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги нэһилиэккэ араас хайысхалаах үлэлэр бу дьайыыга сылдьар байыастарга көмөҕө туһуланан ыытыллан кэллэ. Бу күһүҥҥэттэн Кэбээйи нэһилиэгэр Кландра Андреевна Терехова салайыытынан «Надежный тыл» иис сыаҕа арыллан үлэлиир. Сыахха иискэ сыстаҕаһыттан тутулуга суох көмөнү оҥоруон баҕалаах ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр үлэлэриттэн, тыа ыалын түбүгүттэн быыс буллаллар эрэ кэлэн иистэнэргэ эйгэ тэриллэн турар. Бу барыта Кландра Андреевна сатабылынан тэрилиннэ. Спонсордары булан, кэпсэтиини сөптөөхтүк ыытан матырыйаал, тэрил өттүнэн хааччыллыы балачча баар. Дьэ бу маннык тэриллии уопутун уонна иккис өттүнэн анал дьайыыга сылдьар байыастарга таҥас-сап өттүнэн суһал хааччыллыыны улуус иһигэр оҥорор сыаллаах үтүө санаалаахтары түмээрилэр Куокуй нэһилиэгиттэн иистээхтэр кэлэн бардылар.

Бу үтүө хамсааһыны Куокуй нэһилиэгэр тыл көтөхпүт дьоннорунан учуутал идэлээх Валентина Егоровна Николаева уонна «Луҥха долгуннара» үҥкүү ансаамбылын тэрийээччи Татьяна Удариновна Терехова буолаллар. Кинилэр этиилэрин өйөөннөр Куокуй нэһилиэгин үрүҥ көмүс волонтердара бастакынан кыттыспыттара.
Кэбээйигэ «Надежный тыл» иистэнэр сыаҕар табаарыстыы сылаас көрсүһүү кэнниттэн иис үлэтэ оргуйан олордо. “Надежный тыл» сыах салайааччыта Кландра Андреевна Куокуйдар иистээхтэрин үтүө этиилэрин өйөөн илдьэ кэлбит нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Илья Васильевич Семеновка сыах үлэтин сиһилии билиһиннэрдэ. Хайдах бастакы хардыылары оҥорорго, тэриллэри ылынарга, буларга-таларга, иистэнэр матырыйааллары хантан, хайдах атыылаһарга, иистэнэр баҕалаахтары хайа гньыманнан түмэ тардарга бэйэтин уопутун үллэһиннэ.
Сүрүнэ манна, иистэнэр дьиэ-уот буоларын Кландра Андреевна тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Иистэнэр сыах өрүү аһаҕас турара иистэнэ кэлбит дьоҥҥо моһоло суоҕун өйдөттө. Кэллиҥ да иистэнэн барар усулуобуйа хааччаҕа суоҕа таһаарыылаах үлэ биир төрүөтэ буоларын Илья Васильевич өйдөөтө. Маны сэргэ тэрилтэҕэ үлэлээхтэр да быыс-арыт булан кэлэннэр иискэ кыттыһалларын Кландра Андреевна бэлиэтээтэ. Маннык сыах тэриллиитигэр нэһилиэнньэ баҕалааҕын таһынан биир сүрүн кыаҕынан олохтоох дьаһалта өттүттэн өйөөһүн үлэтэ күүскэ тэриллиэхтээҕин, салайааччылар өйдүүллэрэ наадатын баһылык солбуйааччыта сорук курдук ылынна.
Куокуй үтүө санаалаах иистээхтэрэ күн устата «Надежный тыл» иис сыаҕын маастардара Екатерина Филипповна Левина, Февронья Васильевна Максимова, Зинаида Ильинична Лугинова, Саргылана Ивановна Докторова, Венера Егоровна Лугинова, Туяра Олеговна Дьячковская иҥэриммит уопуттарыттан бэрсибиттэрин туһанар сыаллаах бардылар.

Баһылык солбуйааччыта Илья Васильевич нэһилиэгэр тийэн дьиэ-уот тэрийэн иис сыаҕын үлэтин саҕалыыр санаалаах, онтон иис кистэлэҥнэригэр, ньымаларыгар үөрэммит иистэнньэҥнэр иискэ күүскэ ылсан суһал дьайыыга кылааттарын килэрэр сыаллаах илии тутуһан, махтал тылларын этиһэн тарҕастылар. Инникитин да билсэ, уопут атастаһа турарга, көмө наада буоллаҕына көмөлөсүһэ олорордуу кэпсэттилэр.

Татьяна Максимова-Лазарева