Кэбээйигэ, Көмүс Күһүн Уйгулаах Быйаҥар Махталлаах, Чалбараҥ Сандалы Күнэ нэһилиэкпит бары тэрилтэлэрин, түөлбэлэрин, түмсүүлэрин барыларын түмэн, төһө да айылҕабыт тыаллаах- куустаах тымныы күнэ түбэстэр, олохтоох дьаарбаҥка бэрт тэрээһиннээхтик сынньалаҥ пааркаҕа ыытылынна.
Дьаарбаҥка көрүллүбүт номинацияларыгар кыттаннар биһиги Күбэйэ түмсүүбүт буоларын курдук салайааччы Т.С. Иванова көҕүлээһининэн, ким туохтааҕынан, сайын устата төһө даҕаны кураан буоллар үүннэрбит үүнээйилэринэн, сибэккилэринэн, кэнсиэрбэлээн, төрүт аһы арааһын астаан, выставка киэргэтиитин толкуйдаан үөрэ-көтө кытыннылар.
Күн дьыл сылыктанан тымныы буолсук диэн, сахалыы сон кэтэргэ быһаарынан, мин сахалыы соннорбун уларсан уонна бэйэлэрэ тикпит соннорун кэтэннэр, дьон сэргэ хараҕын сымнатан, сэргээбиттэрин биллэрэн кэмпилимиэн эриттэн, эгди буолан үөрдүлэр. Биһиги бастыҥ оҕуруотчут эбээлэрбит «Саамай сэдэх табаа » номинацияҕа Максимова А.С. арбузтара бөдөҥнөрө, элбэҕэ, хаппыыстата кыбыс кытаанаҕынан сөхтөрүөн сөхтөрдө, онно эбии атын оҕуруот аһын кытта астаан аҕалбыт ип- итии буузаларын атыылаан 2 бириистээх миэстэҕэ тигистэ.
Ол курдук «Саамай популярнай табаар» номинацияҕа М.С. Софронеевабыт 2 миэстэҕэ тиксэн үөрдүбүт.
А.М. Кобякова кэнсиэрбэтэ, барыанньата, оҕуруот аһа уонна сахалыы астары атыылаан көх-нэм буолла.
«Саха Төрүт Аһа» композициянан күрэххэ Күбэйэлэр 38 көрүҥүнэн кыттаннар иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн үөрүүбүт үрдээтэ. «Сибэкки композициятынан номинацияҕа биһиги эбээлэрбит Л.Н. Селляхова уонна Т.С. Иванова олус элбэх көрүҥнэринэн кыттыбыттара миэстэлэспэтэр да, үгүс көрөөччүлэр кэрэхсэбиллэрин ылыахтарын ыллылар. Ону таһынан В.Н. Лугинова көтөрдөрө, чыычаахтара кэрэ көстүүлэринэн дьаарбаҥканы чахчы киэргэттилэр.
Эбээлэр бука бары да көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан бэйэлэрэ да дуоһуйан астыммыттарын эттилэр. Кэбээйигэ саамай бөдөҥ арбузтардаах, бу уу суоҕар итиччэ кытаанах хаппыысталара, оҕуруот атын астарын арааһа элбэҕэ, астаабыт буузата, настойдара биһирэбили ылыан ылла, сахалыы соммут иһинэн халыҥнык таҥнаммыт хата наһаа тоҥмотубут дьонтон наһаа кэрэлэргит диэн хайҕабыл ылан үөрдүбүт диэн көхтөөх эбэлэр сэргэхтик сэһэргииллэр. Түгэнинэн туһанан Күбэйэ эбээлэр истиҥ махталбытын үгэс буолбут Көмүс Күһүн Дьаарбаҥкатын иилээн саҕалаан ыыппыт бука бары тэрийээччилэргэ уонна нэһилиэкпит олохтооҕо Леонид Дьяконовка Күбэйэлэр ааттарыттан истиҥ иһирэх махталбытын тиэрдэбит! «Кини босхо биэрбит бөдөҥ соболорун эбээлэр ыһаарылаан, мииннээн, саха ыалдьытымсах сиэринэн, дьоҥҥо үөрдэ — көтүтэ босхо иһэртибит, саҥа уһуйааммытын тутар уолаттар олус үөрдүлэр, махтаннылар» -, диэн кэпсиир түмсүү салайааччы Татьяна Семёновна Иванова .
Кэбээйибит Күбэйэлэрэ куруутун да субу курдук, туохтан да туора турбаттар, бука бары көхтөөхтүк олох үөһүгэр үлүмнэһэ, үөрэ көтө сэргэхтик олороллор, үтүө хамсааһыҥҥа барытыгар кыттыһалларыттан үөрэллэр. Күбэйэлэрим сити курдук кырдьары кыйдааҥҥыт, инникитин даҕаны сүрэххит баҕатын сүһүөххүт уйуохтун, олоххут үөрүүнэн туолан дьоллоох түгэннэри кэмэ суох тосхойдун диэн алгыыбын.
Ил Ииһэ Санаайа.