«Иһэр уу – доруобуйа төрдө» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биһиги улуус дьоно сүрүннээн күөл уутун иһэ олоробут. Оттон күөл турар уу буолан, итиэннэ тас дьайыылартан сылтаан киртийэр, састааба мөлтүүр. Бу проблеманан быһаччы дьарыктанар «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ биһиги улууспут икки нэһилиэгэр – Кэбээйигэ уонна Сииттэҕэ үлэлээтэ. Ааспыт күннэргэ Кэбээйи нэһилиэгэр төгүрүк остуол ыыппыттара, бу туһунан улуус хаһыатыгар тахсан турар. Бу бөлөх билигин Сииттэҕэ үлэлии сылдьарын көрсөн кэпсэттим.

Валентина Дмитриева, «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ дириэктэрэ:

Биһиги тэрилтэбит 1996 сыллаахтан үлэлиир, айылҕаны харыстыыр бырайыактарынан дьарыктанабыт, сүрүннээн күөллэр, үрэхтэр ууларын чинчийэбит. Быйыл Ил Дархан тэрийбит куонкуруһугар иһэр ууну чинчийэр бырайыакпытынан кыттан грант сүүйдүбүт. Икки ый устата үлэлии сылдьабыт, Тааттаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Горнайга уонна бу Кэбээ­йигэ кэллибит. Кэбээйи нэһилиэгин кытта үлэлэһэбит, икки сыллааҕыта эмиэ маннык экспедициянан кэлэн ааспыпппыт. Биһиги улуус, нэһилиэк баһылыктарын ыҥырыыларынан, айам­мыт харчытын бэйэбит уйунан тиийэбит. Улахан харчыта суох ньыманан күөллэр, үрэхтэр туруктарын чинчийэргэ оҕолору үөрэтэбит. Оҕолор хас да сыл устата мониторинг оҥорон, күөллэр ууларын кэтээн көрүөхтээхтэр. Оттон иһэр ууга проблема баар буоллаҕына, баһылыгы, нэһилиэнньэни мунньан төгүрүк остуол ыытабыт. Сүрүн сыалбыт диэн,  бырагыраама оҥостон, дьон ууланан олорор күөллэрин, үрэхтэрин уутун хайдах чөлүгэр түһэрэр туһугар үлэлиэхтээхпит. Аны күһүн бу экспедиция түмүгүнэн улахан мунньах оҥоруохпут, салгыы хайдах үлэлиирбитин кэпсэтиэхпит, үчүгэйдик үлэлиир оҕолорго анал тээ­бириннэри биэриэхпит.

Антонина Новгородова, «ИРОиПК доцена, педагогическай наука кандидата:

– Сииттэ орто оскуолатын кытта  үлэлээбитим ыраатта, кинилэргэ науч­най салайааччы буолабын. Бу быра­йыакка биһиги институппут партнер быһыытынан киирдэ, Сииттэ оскуолата эмиэ. Бу кэнниттэн Нам Түбэтин оскуо­латыгар барабыт, кинилэр эмиэ партнер буолаллар. Уопсайынан, олус наадалаах үлэ саҕаланна. Дьон доруобуйата иһэр ууларыттан быһаччы тутулуктаах. Бу «Эйгэни» кытта биһиги институппут үлэлээбитэ ыраатта. Учууталлары үөрэтэр институт бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, таарыччы учууталларга куурус ыытабын. Холобур, уу аналиһын хайдах оҥорорго, кэлин үөрэнээччилэри кытта бэйэлэрэ оҥоруохтара,  ууларын туругун кэтии сылдьыахтара диэн эрэнэбит. Кыра эрдэҕиттэн айылҕаны харыстыы үөрэммит оҕо, кэлин улаатан да баран харыстыаҕа, биһиги оннук көлүөнэни иитэн таһаарарга сыалланан үлэлиибит.

Эльдар Иванов, ХИФУ Естественнэй наукаларга институтун 4 кууруһун устудьуона:

– «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэҕэ киирэн, быйылгыттан үлэлээн эрэбин. Түөрт нэһилиэккэ сырыттыбыт, экология суолтатын туһунан нэһилиэнньэҕэ кэпсиибит, иһэр уу туругун чинчийэбит, хайдах чинчийэргэ үөрэтэбит. Иһэр уу проблемата куоракка да, тыа сиригэр да тэҥинэн турар, ол иһин хайа баҕарар киһи иһэр уутун туругун билиэхтээх. Чинчийии түмүгүнэн олох­тоох дьону кытта төгүрүк остуол тэрийэбит, чинчийиибит түмүгүн иһитиннэрэбит, хайдах гыныахха сөбүн сүбэлиибит, оттон салгыы баһылыктар бырагыраама оҥостон, үп-харчы булан күөллэрин ырааһырдыыга үлэлиэхтээхтэр.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Виктор Эверстов

Фото: Виктор Эверстов