Кыайыы күнүнүн көрсө

Сииттэбит нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүн өрө күүрүүлээхтик көрсөөрү эмиэ атын нэһилиэктэр курдук олохтоох дьаһалта, култуура үлэһиттэрэ тэрээһини тэрийээри сүүрэ — көтө, түбүгүрэ сылдьаллар. Төһө да сэлээлии хаамыыны боппуттарын иһин, кэриэстиир миитинэн солбуллан, бырааһынньыкпыт ыытыллыах тустаах. Кыайыы күнэ диэн хас биирдии киһиэхэ саамай күүтүүлээх, сырдык, кэрэ бырааһынньыгынан буоларын бары билэбит.

Ол курдук, Кыайыы күнүн көрсө бастакыннан Сииттэбит нэһилиэгэр сэттэ ытык кырдьаҕастарбытыгар «Дайаана» маҕаһыын үлэһиттэрэ Софья, Андриан Николаевтар, Светлана Левина, киһи астынар гына продуктовай набор оҥорон, үөрдэ — көтүтэ түҥэттилэр, тиксэрдилэр. «Дайаана» маҕаһыын үлэһиттэрэ номнуо 10 тахса сыл буолла бар дьоннорун үөрдэ — көтүтэ бэлэх, болҕомто уурбуттара. Аҕам саастаах, ытыктыыр кырдьаҕастарбыт төһө да аҕыйааталлар, дьиэҕэ олордоллор, нэһилиэкпит олоҕор, инники сайдыытыгар, үүнэн эрэр кэнчээри кэскиллэрбитигэр, холобур буолар бастыҥ дьоммутунан, үрдүктүк сыаналыыбыт уонна киэн туттабыт. Биһиги нэһилиэкпитигэр кыамматтарга, кырдьаҕастарга бырааһынньык эрэ кэмигэр болҕомто ууруллар буолбатах, ханнык баҕар балаһыанньаҕа көрдөстүлэр да кыахпыт баарынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхпит. Иннилэрэ кылгаабыт үтүө санаалаах дьоммутун, үлэ, олох ыараханын эттэринэн — хааннарынан билбит үтүө — мааны, үлэһит дьоммутун, Кыайыы күнүнэн өссө төгүл итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит, уһун үйэлэнэн, чугас дьоҥҥутугар, күүс — көмө буолан өссө да уһуннук олоруҥ диэн баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбит.

Бу күннэргэ ыытыллар тэрээһиннэр сэрии оҕолоругар, тыыл бэтэрээннэригэр ананан ыытыллыахтара. Ыччат дьоммутугар туһаайан этиэ этибит, эһиги инники олоххутугар, эйэлээх, дьоллоох олох түстэнэрин туһугар, олохторун толук уурбут эһэлэргитин, эбэлэргитин, таайдаргытын, абаҕаларгытын кэриэстээн биир киһи курдук чүмэчи дьөрбөтүн, ону тэҥэ сырдык, ыраас мөссүөннэрин тутан кэриэстиэххит диэн эрэнэбит.

Марианна Сивцева.