Луҥха үрдүк биэрэгэр,
Оскуолабыт дьэндьэйэр,
Билии-көрүү аартыгар ыччаттарын ыҥырар.
Оскуолам, мин күндү уйукаам,
Оскуолам, мин ньээкэ уйакаам.
Куокуй сорох бэридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр орто оскуолатыгар «Тиһэх Чуораан» 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр учууталларын арыалларынан кэтэһиилэх кэрэ кэмнэрин, чаҕылхай чуоранчык тыаһынан саҕалаатылар.
Үөрэнээччилэри экзамеҥҥа киирбиттэринэн эҕэрдэлээн туран оскуола дириэктэрэ Иннокентий Петров бирикээс таһаарыллыбыт, допуск ылбыттарын биллэрдэ.
11 кылаас үөрэнээччилэрэ «Тиһэх Чуораан» аһыллыытын литературнай ааҕыы композициянан, олохтоох ааптар тылларыгар уонна матыыбыгар Пётр Игнатьев «Бүгүҥҥү Куокуй» ырыата ылланна. Кылаас уолан уолаттара ийэлэрин кытта нарын — намчы вальска эргийдилэр, «Барҕа махтал учууталларбар» хоһоон аахтылар. Алын сүһүөх кылаастара хоһоон, ырыа уонна «Самолётик» үҥкүү бэлэх уунан бэлэхтээтилэр. Тиһэх чуорааны кылаас салайааччылара Ираида Николаевна, Сардаана Иннокентьевна чугдаара тыаһаталларынан, таһырдьа халлааҥҥа баҕа санааны кытта шарик ыытан уопсай оһуохайынан түмүктэннэ.
Полина Борисова.