Куокуйга сүөһүнү сиэмэлээһин үлэтэ ыытыллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн ынах сүөһүнү иитэр, тутар хаһаайыстыбаларга аҕыйах сылтан бэттэх сүөһүнү сиэмэлээһиҥҥэ булгуччулаах государство өттүттэн сорудах ирдэнэр. Ол иитинэн Куокуй нэһилиэгэр быйылгыттан ыла сиэмэлээһин үлэтигэр болҕомтолоох сыһыан үөскээтэ.

Муус устар саҕаланыыта нэһилиэнньэ күүстээх туруорсуутунан, олохтоох дьаһалта республикатааҕы “Сахаагроплем» тэрилтэни кытары сүбэлэҥнэрин чэрчитинэн 100 дуоза колмогорскай боруода ынах искусственнай сиэмэтин аҕалыллар. Олохтоохтор үрдүк бородууксуйаны атын сиртэн аҕалыллыбыт сиэмэнэн буоһатыллан үөскээбит сүөһүттэн эрэ ылылларын чиҥкэтик өйдүүллэр. Биһиэхэ, билигин ордук кэтэх хаһаайыстыбаларга, биллэр төрдө-ууһа суох үлүбээй оҕуһунан саптаран олороллор. Оннук усулуобуйаҕа сүөһү хаһан буоһаабыта да чуолкай биллибэт. Оттон искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ сүөһү ханнык сиэмэнэн, хаһан буоһатыллыбыта чуолкай биллэр уонна кэтээн көрүүгэ сылдьар.

Сиэмэлээһини муус устар бүтүүтэ ыам ыйын саҕаланыыта ыытарга бэлэмнэр. Ол курдук, кулун тутарга Сииттэ нэһилиэгэр Дьокуускайтан кэлэн анал үөрэхтээһиҥҥэ, олохтоох бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Кондакова Матрена Иннокентьевна үөрэнэн, сүбэ-ама ылан кэлбитэ.

Быйыл 100 төбөнү сиэмэлииргэ былааннанабыт. Эһиилги сылга олохтоох дьаһалта искусственнай сиэмэлээһини өссө күүскэ тэтимирдэр баҕалаах.

Надежда Илларионова.