Сомоҕолоһуу күнүгэр Куокуй нэһилиэгин олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн уопсай «Күүлэй- муҥха» тэрийэн ыыттылар. Күүлэй муҥхаҕа уопсайа 60 тахса киһи сырытта, ол иьигэр «Аҕалар түмсүүлэрэ» салайааччы Иннокентий Дьяконов салайыытынан оскуола оҕолорун (уолаттары), аҕам саастаахтар көрөн- истэн, Муҥха сиэрин- туомун көрдөрөн биир тэҥҥэ илдьэ сырыттылар.
«Дьакыама» эбэҕэ тиийэн Эбэ кытыытыгар аал- уот оттон, сиэри- туому тутуһан Серафим Григорьевич Гуляев алгыс тылын этэн туран, аал уотун айах тутан аһатан күндүлээтэ- көрдөстө.
Оҕолорго аналлаах оонньууларга:
1.»Күүлэй бастыҥ сүүрүгэ» кыайылааҕынан Мичил Дьяконов, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Варвара Никифоровна Спиридонова анал бириискэ 1000 солк. уу харчыннан туттарылынна.
2.»Кистэммит собону булуу» күрэххэ Айхал Иванов, Айсен Иванов, Артём Левин бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.
3.»Куулга хаары кутуу» — 1 мин. кыайылааҕынан Стас Жирков буолла.
4.»Кууллаах хаары» сүгэн сүүрүүгэ Айсен Иванов кыайда.
Оҕолор бары минньигэс бэлэх туттулар.
Саамай кыра кыттааччыга Игорь Степановка, Ытык кырдьаҕас кыттааччыга Петр Егорович Васильевка Добун сурук уонна приз туттарылынна. Алгыс тылын этэн, көрдөһөн, күөх боллохтонон, өттук харалаах кэлбиппитигэр махтаныа этибит Серафим Григорьевич Гуляевка, Аҕа баьылыкка Лев Николаевич Павловка, Илья Васильевич Семёновка, Александр Егорович Соловьёвка, Михаил Михайлович Гуляевка, Иннокентий Васильевич Дьяконовка, минньигэс итии чээйинэн, сыалаах эттээх борщ миинин буһаран дьону- сэргэни аһаппыт поварбытыгар Зоя Дмитриевнаҕа, устар бөлөх Нина Егоровна, Сардана Даниловнаҕа.
Айылҕабыт барахсан туран биэрдэ, бэттээхэй күннээх күн. Эбэ барахсан күөх боллоҕуттан күндүлээн, бары сылдьыбыт дьон өттук харалаах махтанан туран дьиэлээтибит.