Мин, Сивцев Ньургун, Сииттэ орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччитэбин. Бары билэрбит курдук былырыын 2023 сылга дойдубут президена Владимир Путин Педагог уонна наставник сылын биллэрбитин. В. Е. Колмогоров аатынан Сииттэбит орто оскуолатыгар сылбыт чэрчитинэн, улахан суолталаах тэрээһиннэр буолан ааспыттара.
Ол курдук, республиканскай, улуустааҕы уонна оскуолабыт иһинэн ыытыллыбыт олимпиадаларга, дакылааттарга, биһиги кылаас көхтөөхтүк кыттаммыт, бириистээх миэстэлэргэ тиксэммит олус үөрээччибит — көтөөччүбүт. Мин бүгүн тапталлаах саҥаһым, учууталым, настаабынньыгым туһунан суруйуохпун баҕардым. Кини аата Сивцева Анна Лазаревна диэн.
Анна Лазаревнаны опыттаах краевед, учуутал быһыытынан республикаҕа, улууска үчүгэйдик билэллэр. Анна Лазаревна учуутал эрэ буолбатах, кини краевед, төрөөбүт дойдутун дириҥник чинчийэр, үөрэтэр, үйэтитэр киһиннэн бары билинэбит. Ону таһынан төрөөбүт дойдута силигилии сайдарыгар, үөрэнээччилэрэ дириҥ билиини иҥэринэллэригэр ис дууһатын барытын ууран туран үлэлиир дьиҥнээх «патриот» учуутал буоларынан киэн туттабыт. Өр кэмнэргэ Сииттэ оскуолатыгар үрдүк категориялаах география учууталынан, «Ситим» кыраайы үөрэтэр куруһуогун айымньылаахтык салайан кэллэ. Мин алын сүһүөххэ үөрэниэхпиттэн Анна Лазаревна куруһуогун олус интэриэһиргээн, сөбүлээн, биирдэ даҕаны көтүппэккэ сылдьан кэллим. Анна Лазаревна опыттаах учуутал, краевед эрэ буолбатах, кини үлэлиирин тухары төһөлөөх элбэх үөрэнээччилэри айар үлэҕэ такайбыта, дакылааттары суруйууга үөрэппитэ, уһуйбута буолуой, киһи билигин ааҕан сиппэт. Миигин бэһис кылаастан ыла дакылааттары таба суруйарга, ис хоһоонун дириҥник өйдөөн, толкуйдаан, маны таһынан дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэттэ — такайда. Улахан үлэбит түмүгүнэн, улууска, республикаҕа, кэккэ ситиһиилэрдээхпинэн олус үөрэбин уонна учууталбынан киэн туттабын.
Аны куруһуокка сылдьар оҕолор кыралаан төрөөбүт улууспут «Дабаан» хаһыатыгар күннээҕи сонуммутун суруйан ыытарга үөрэнэ сылдьабыт. Бу эмиэ улахан эппиэтинэһи эрэйэр хас биирдии оҕоттон. Учууталым Анна Лазаревна курдук улааттахпына элбэҕи ситиһиэхпин баҕарабын. Кини биир дойдулаахтарын сырдык кэриэһигэр суруйбут кинигэтин » Умнубаппыт, өйдүүбүт, махтанабыт…» төрөөбүт нэһилиэкпитигэр, олоҕу солбуйар эдэр көлүөнэҕэ улахан бэлэх буолан үйэттэн — үйэҕэ барара чуолкай. Суруллубут суоруллубат диэн итини этэр буоллахтара.
Убаастыыр учууталбын, саҥаспын, настаабынньыкпын дириҥ ис хоһоонноох кинигэҥ күн сирин көрбүтүнэн, ытыктыыр дьоммут үйэтитиллибиттэринэн, нэһилиэкпит аата үрдүктүк ааттаммытынан итиитик — истиҥник биһиги дьиэ кэргэн ааттыттан эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Үлэҥ-хамнаһын өссө таһаарыылаах буоллун, үөрэппит оҕолоруҥ ситиһиилэрэ, бастыҥ баҕа санаалара үөрдэ — көтүтэ турдуннар. Дьиэ кэргэҥҥэр кэрэни, сырдыгы, үтүөнү эрэ баҕарабыт.
Ньургун Сивцев.