Кэскиллээх кинигэ күн сирин көрбүт үөрүүтүн үллэстэ, саргытын салайса үтүөнү-кэрэни кэрэһэлии Кэбээйибит нэһилиэгин билиһиннэрэ, Сайылык сайаҕас дьонугар-сэргэтигэр ыалдьыттаан кэллибит.
Ол курдук, сэтинньи 28 күнүгэр сайаҕас дьонноох Сайылык сиригэр-уотугар историческай суолталаах М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр института бэлэмнээбит, Кэбээйи улууһун дьаһалтата үбүлээбит “Кэбээйи фольклора” диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Тэрээһиҥҥэ кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит Олоҥхо институтун үлэһиттэрэ Р.Н. Анисимов, М.Т. Сатанар, С.Д. Львова ыалдьыт буоллулар, тэрээһин суолтатын үрдэтистилэр.
Сарыардаттан тэрээһиҥҥэ улууспут нэһилиэктэриттэн, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар тоҕуоруһа муһуннулар. Киирэ түһүү фойеҕа улуус талба талааннаахтарын быыстапката толору тардылынна. Тэрээһин алгыстаах арыллыытын кэннэ сыанаҕа “Кэбээйибин туойабын” диэн ааттаах дьүһүйүү дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Мантан салгыы, кинигэ ис тутулун кытта билсии, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьон ыллыктаах санааларын истии ыытылынна. Дьоро күн сүрүн көстүүтүнэн Мастаах нэһилиэгин олохтоохторун толоруутугар “Биэ уола Бэйбэлдьийэ тулаайах” олоҥхоттон быһа тардан толоруулара буолла. Бу нэһилиэк делегацията олоҥхону үрдүк таһымнаахтык туруоран дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Аныгы кэм технологиятын уонна Олоҥхону бииргэ дьүөрэлии тутан туруорууларынан ордук киэргэттилэр.
Тэрээһин II түһүмэҕэр кыттааччылар “Үһүйээннэр уонна аныгы номохтор” диэн чаҕылхай ис хоһоонноох, сахалыы тыыннаах нэһилиэктэрин сырдатар көрдөрүүлэри туруордулар. Биһиги нэһилиэкпитин ааттаан-суоллаан, уустаан-ураннаан сырдатан кэпсээн баран, Софья Николаевна Кобякова салайааччылаах “Томтор” кооператив бэлэмнээбит кыынньар уохтаах кымыһынан, саҥардыы сэппэрээтэргэ сүүрдүллүбүт үрүҥ сөлөгөй сүөгэйинэн, сыалаах этинэн, сылгы хартатынан, толору кутуллубут хаанынан кэһиилэнэн күндүлээтибит. Ону сэргэ, Ирина Кобякова салайааччылаах “Сайдам” фольклорнай бөлөхпүт кырыымпа кыҥкынас тыаһынан норуот ырыаларыгар композиция уонна эр дьон толорууларыгар “Татыйаас” диэн норуот ырыатын толорон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, үөрэн-көтөн кэллибит.
Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Ефросинья Кириллина, библиотекарь Светлана Оконешникова.