Сэтинньи 14 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, прозаик, поэт, драматург Анемподист Иванович Софронов-Алампа айар үлэтин сэҥээрээччилэр СӨ норуот маастара Елизавета Софронеева саха балаҕаныгар муһуннулар.
Ол курдук, сүгүрүйэр суруйааччыбыт төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн оскуола оҕолоругар «Алампа ааҕыылара» диэн эмиэ биир сэргэх тэрээһин ыыттылынна. Көрсүһүү дьиҥ сахалыы тыыннаах эйгэҕэ, көмүлұөк оһох уотун сылааһыгар угуттанан, алгыс тылларынан саҕаланна.
Дьоро күн иһинэн 1-4, 5-8 кылаас оҕолоругар Алампа хоһооннорун хомоҕойдук ааҕыы күрэҕэ буолла.
Күрэх түмүгүнэн кыра кылаастарга:
Биирдиилээн ааҕааччылар:
1 миэстэ — Терехова Юлианна, 1 «а» кыл., сал. Кривошапкина С.С.
2 миэстэ — Левин Сережа, 1 «а» кыл., сал. Кривошапкина С.С.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга:
Кылаан кыайыылаах — «Күндүл» бөлөх 2 «б» кылаас (сал. Максимова Т.И.)
1 миэстэ — 1 «а» кыл. Сал. Кривошапкина С.С.
1 миэстэ — 4 «а» кылаас уолаттарын бөлөҕө. Сал. Строева М.М.
2 миэстэ — 2 «а» кылаас уолаттарын бөлөҕө. Сал. Шапошникова М. Г.
2 миэстэ — 4 «а» кыл. кыргыттарын бөлөҕө. Сал. Строева М.М.
3 миэстэ — 3 «а» кыл. Сал. Терехова А.С.
3 миэстэ — 3 «б» кыл. Сал. Терехова С.И.
Улахан бөлөххө:
Кылаан кыайыылаах — 5 «б» кыл. Сал. Терехова А.П.
1 миэстэ — 8 «а» кылаас. Сал. Харлампьев Г. П., Павлова М.Е.
2 миэстэ — 5 «а» кыл. Сал. Ноговицына М.П., Слепцова С.И.
3 миэстэ — 8 «б» кыл. Сал. Андреева И.В., Егорова М.И.
Оҕолорго инникитин да ийэ тылларыгар, уус-уран литератураҕа, саха суруйааччыларыгар болҕомтолоро өссө күүһүрдүн, тапталлара уҕараабатын диэн баҕарабыт!
«Кэбээйигэ Алампа төрөөбүт күнүгэр , бэйэм саха балаҕаммар торумнаммытым курдук ыччакка — оҕолорго анаан сахалыы тыыннаах эйгэҕэ «Сахалыы саҥа сатараатын, сахалыы дорҕоон дуораһыйдын » диэн улуу убайбыт кэс тылынан сирдэтинэн , оскуола оҕолоругар саха тылын литературатын кафедратын учуталларын, олохтоох библиотека уонна общественнай түмсүүлэр холбоһуктарынан көҕүлээммит «Алампа Ааҕыыларын» тэрийэн ыыттыбыт. Түмүккэ өссө эбии түмсүүлэр анал аат номинацияларын оҕолорго грамоталар , туоһу суруктары, бириистэри туттарыахпыт», — диэн Елизавета Софронеева кэпсиир.
«Наһаа да үчүгэй тэрээһин! Үүнэр ыччаппытын дьиҥ сахалыы тыыннаан, алҕаан, илэ харахтарынан көрөллөрө-истэллэрэ — бу барыта кэнчээри ыччакка холобур буолара чуолкай», — диэн Сииттэттэн Марианна Сивцева санаатын тиэрдэр.
Кэбээйи орто оскуолатын сонуннарыттан уонна куйаар ситимиттэн.