Мастаах нэһилиэгэ ийэ айылҕа анаан айбыт ураты эйгэлээх, дьоһун дьонноох, кэрэ көстүүлээх, олорон ааспыт олоҥхоһуттардаах, ыллам ырыаһыт дьоннордоох. Дьону- сэргэни угуйар, санааны кынаттыыр, дууһаны сылаанньытар үлэлэри кимнээх түмсэн биһиги нэһилиэккэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьалларый эбит диир буоллаххытына: Мастаах Далбар Хотуттара «Көмүс сүүтүктэр». Кинилэр 2019с. аан бастаан бу түмсүүлэрэ сүрэхтэммитэ. Салайааччы Комарова Марина Даниловна уран тарбахтаах, талба талааннаах, биир киэн туттар хомоҕой хоһоонньуппут, алгысчыппыт буолар. «Көмүс сүүтүктэрэ» суох биир да улахан тэрээһин нэһилиэккэ буолбат. Кинилэр үтүөнү үксэтэллэрэ, элбэҕи оҥорбуттара, иистэммит үлэлэрин киһи ааҕан сиппэт.
Ол курдук биһиги эбээлэрбит сырдыгынан сыдьаайар истиҥ эйэҕэс мичээрдэринэн, ырыаны аргыс гынан ыллыы-туойа, айа-тута сылдьалларыттан бар дьоннорун махталларын ылыахтарын ылаллар.
Бу күннэргэ норуот айымньытын дьиэтигэр бэрт аҕыйах хонук иһигэр «Көмүс сүүтүктэр» түмсүү, 2024 сылга төрөөбүт ийэлэргэ анаан «Кырыы харах көрбөтүн» диэн харысхал оҥорон бэлэх ууннулар. Кинилэр үгүс элбэх тэрээһини киэргэтэллэр, нэһилиэк дьонугар бараммат үтүө өҥөнү оҥороллор, күнүстэри-түүннэри айа-тута үлэлииллэр. Махтанабыт түмсүү кыттыылахтарыгар, олоҕу таптыыр үтүө дьоҕургутун сирдьит оҥостон дьоҥҥо дьолу бэлэхтии тураргытыгар.
С. Жакипова