Кэбээйигэ «Үтүө санаа харыйата»

Ахсынньы 20 күнүгэр Култуура сайдыытын киинигэр сылын аайы ыытыллар үгэс буолбут «Үтүө санаа харыйата» акция чэрчитинэн тулаайах уонна дойдуларын көмүскэлигэр ыҥырыллыбыт дьоммут оҕолоругар аналлаах утренник буолла.

«Уопсайа 38 оҕоҕо Тымныы Оҕонньортон бэлэх туттарылынна. Манна төһүү күүһүнэн нэһилиэк тэрилтэлэрэ, дьокутааттара, түмсүүлэрэ, түөлбэлэрэ уонна биирдиилээн дьон буоллулар. Оҕолор тус бэйэлэригэр анаммыт бэлэҕи тутан, астына-дуоһуйа, үөрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн харахтара чоҕулуйа дьолломмутуттан биһиги эмиэ үөрдүбүт. Ыҥырыыбытын ылынан, күүс-көмө буолбут тэрилтэлэрбитигэр, дьоммутугар-сэргэбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн кэпсээтэ Култуура сайдыытын киинин үлэһитэ Григорий Кобяков.

Анна Оконешникова.