Түлүк ууттан уһуктан тыа хаарын тэбэнэн, кыһыҥҥы томороон тымныылар ааһаннар сааскы күн сандаарыччы тыган дьон-сэргэ сэргэхсийэн кэлиэх-барыах, хамсаныах санаата киирэр. Биир итинник сааскы арҕааттан курдаттыы үрэр сытыы тыаллаах күн Кэбээйи нэһилиэгэр Сиҥнээли күөлүгэр саха төрүт дьарыгар куйуурдааһыҥҥа төрүт балыксыт Лугинов Илья Григорьевич кэриэһигэр “Куйуур күрэҕэ” буолан ааста. Маннык ураты балыктааһын көрүҥэ сахаларга эрэ баар. Күрэх түөлбэлэр ыккардыларыгар нэһилиэнньэни, эдэр ыччаты саха төрүт дьарыгар, куйуурдааһыҥҥа уонна балыктааһыҥҥа угуйуу, чөл олоххо сыһыары тардыы диэн сыаллаах-соруктаах ыытылынна.
Күрэхтэһии Аал Уот иччититтэн көрдөһүүттэн саҕаланна. Сиэр-туом толоруутун Николай Алексеевич Данилов Илья Григорьевич Лугинов улахан кыыһынаан Аксиния Ильиничнаны кытта толордулар.
Күрэхтэһии биэс түһүмэхтэртэн турда: бириэмэҕэ куйуурдааһын, ойбон алларыыта, “Булт” викторина, бириэмэҕэ тоһоҕону саайыы, эстафета түһүмэхтэринэн туут хайыһарынан сүүрүү, тоҥуу хаарга сүүрэн тийэн хапкаан иитиитэ, сыал ытыыта.
«Түөлбэлэртэн турбут хамаандалар аат толкуйданан, куйуурдаах, сүгэлээх, пневматическай вентовкалаах, күрдьэхтээх, туут хайыһардаах кэлбиттэр. Биир тылынан эттэххэ бултка-алтка туттуллар тэриллэрин оҥостон кэлэннэр тыҥааһыннаах киирсиигэ күөн-көрүстүлэр. Күрэх түмүгүнэн “Бэргэн” холбоһуктаах хамаандата бастакы миэстэни ылла. Иккис миэстэни «Күөх кытыл” (салайааччы А.В. Егорова) түөлбэ эрэллээхтик ылла. Үһүс миэстэҕэ “Ворошилов” (Н.Н. Обутова) түөлбэ туруорбут эрчимнээх хамаандата тигистэ. ОСО кэллэктиибэ төрдүс миэстэҕэ таҕыста.
Сонун, сэргэх, өбүгэ үгэһин сөргүтэр күрэхтэһиигэ бириистэри туруордулар Илья Григорьевич Лугинов ыччаттара, аймахтара. Ону кытта “Надежный тыл” иис сыаҕа, олохтоох дьаһалта депутаттара, Илья Григорьевич оҕолорун кылааһынньыктара 1982, 1985 сс. выпустар. Онон кыттыыны ылбыт хамаанда чилиэттэрэ бука-бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Хамаандаларга Лугиновтар аҕа ууһа «Учур” булт маҕаһыыныттан сертификат туттартаатылар. Маны таһынан бу тэрээһини тэрийэргэ тыл көтөхпүт, этии киллэрбит уонна тэрийиитигэр сыраларын-сылбаларын анаабыт Савва Тимофеевич Левиҥҥа уонна Николай Алексеевич Даниловка махтанан туран бэлэхтэри туттартаатылар.
«Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааста. Кэлбит ыалдьыттар дуоһуйан, астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар”, — диэн тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт култуура сайдыытын киинин директора Любовь Семеновна Семенова кэпсээтэ.
Илья Григорьевич ыччаттара кинилэр аҕаларын, эһэлэрин кэриэстээн, талааннаах, дьулуурдаах, туттуулаах-хаптыылаах ураты киһи олорон ааспытын дьон-сэргэ саныырыттан олус долгуйбуттарын этэн тураннар тэрийээччилэргэ махтаннылар. Маннык өбүгэ үгэһин сөргүтэр күрэхтэри, тэрээһиннэри тэрийии үтүө үгэскэ кубулуйан ыытылла, тэриллэ туралларыгар баҕардылар.
Манна даҕатан тэрээһин аатын сүгэн ыытыллыбыт кырдьаҕаһы ахтан ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, Илья Григорьевич 1924 с. Тыайа нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕоннон төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ «Олох саҥардар» холкуос үлэһиттэрэ этилэр. Илья уон биэс сааһыттан холкуос үлэтигэр эриллибитинэн барбыта. Оҕо эрдэҕиттэн бултуурун сөбүлүүрэ. Сэрии кэмигэр бултаан, балыктаан чугас дьонун, бөһүөлэк олохтоохторун аччыктыыртан быыһаабыта.
1961 с. «Кэбээйи» сопхуоска оробуочайынан үлэлээбитэ. Бу кэнниттэн кини Райпоҕа балык тутааччынан үлэлии барбыта. Илья Григорьевич 1962 — 1991 сс. пенсияҕа тахсыар диэри Райпоҕа балыксыттар биригээдэлэрин салайбыта. Үлэлээбитин усталаах-туоратыгар «Холбос» үрдүк дьаһалтатыттан уонна улуус салалтатыттан элбэх наҕараадалаах. Коммунистическай үлэ ударнига, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылаҕа. Чемпион балыксыт.
Маны таһынан Илья Григорьевич дьоҥҥо-сэргэҕэ дьиэ тутан көмөлөһөрө, булт-балык тэрилин оҥороро. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан муҥха баайтара, балыктыыр, бултуур ньымаларга сүбэ – ама бэриһиннэрэ элбэх дьон-сэргэ кэлэллэрэ.
Илья Григорьевич кэргэнинээн Мария Ивановналыын биэс оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Билигин элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.
Илья Григорьевич киэҥ-холку майгылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй, сахалыы уус-уран тыллаах-өстөөх, уһулуччу күүстээх, кыахтаах киһи диэн үөлээннэхтэрэ ахталлара, саныыллара.
Дьэ, онон Кэбээйигэ “Куйуур күрэҕэ” үрдүк таһымҥа тэриллэн санаа хоту буолан ааста.
Татьяна Максимова-Лазарева