Кэбээйигэ Горнай методдесана

Оскуола иннинэ саастаах оҕолору иитии-үөрэтии кыһатыгар үлэлии сылдьар биир сыаллаах-соруктаах оҕо саадтарыгар үлэ-хамнас хаамыыта сылтан-сыл тэтимирэн иһэрэ, саҥаттан-саҥа сүүрэннэр тиһигин быспакка киирэ туралларыгар үлэлии сылдьар иитээччилэр, исписэлиистэр билиилэрин таһыма үрдүүрүн ирдиир. Манан сиэттэрэн бу күннэргэ ыаллыы сытар Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин «Кырачаан ымыылар» оҕо сайдар киинин педагогическай кэллэктиибэ биһиги улууспут оҕо саадтарыгар методическай сырдатар үлэни үгүс сыллар усталарыгар билбиттэриттэн бэрсэ, үөрэппиттэриттэн үллэстэ кэлэн бардылар. Биһиги улууспут Куокуй нэһилиэгин Светлана Валериевна Лоботова сэбиэдиссэйдээх «Ача» оҕо саада уопутун тарҕата кэлэр методдесаны үөрүүнэн көрүстэ. Бу күн «Ача» оҕо саадыгар Кэбээйи нэһилиэгиттэн «Кустук» (сэбиэдиссэй э.т. М.И.Попова), Баҕадьа «Чуораанчык» (сэбиэдиссэй И.П. Сивцева), Чагда «Кэнчээри» (сэбиэдиссэй М.И. Дмитриева) оҕо саадтара түмсэн «Кырачаан ымыылар» иитээччилэрин үлэлэрин уопутун иһиттибит, көрдүбүт, санаа атастастыбыт. Методдесаны оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, педагогическай наука кандидата  Надежда Николаевна Москвитина салайан илдьэ кэллэ.

Надежда Николаевна кэпсииринэн оҕо саада 10-ча сыллааҕыта үлэҕэ киирбит, 8 группалаах эбит. Сылын аайы араас граннарга киирсэн кыайан онон үптэнэн араас хайысханнан оҕону сайыннарар инновационнай кииннэри тэрийэн үлэлэтэллэр. Оҕо саада ис бараана сахалыы тыыннаах, оҕону иитиигэ өбүгэ үгэһин тутуһар.

Иитии-үөрэтии үлэтигэр сэбиэдиссэйи солбуйааччы Саргылана Дмитриевна Алексеева «От Фребеля до робота: растим будущих инженеров» парциальнай бырагырааманы сырдатта. Бу бырагырааманан үлэлиир иитээччи Елизавета Кирилловна Федорова «Строим село-сад», «Космодром. Запуск ракеты», «Аптаах уот» дьарыктарын сиһилии кэпсээтэ. Логопед — учуутал Лидия Михайловна Заровняева доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолору кытта үлэни, «Маленькие снегири» ресурснай киин үлэтин билиһиннэрдэ. Ону сэргэ ФОП киирии ньымаларын баһылаабыттарын кэпсээтэ. Иитээччи Елизавета Кирилловна ФОП ирдэбилинэн эйгэни тэрийии ньымаларын сырдатта. Онусэргэ ФОП ирдэбилинэн үлэлииргэ ИКТ кыаҕын табатыктуттуу ньымаларын иитээччи Елена Юрьевна Парфенова бэркэ сырдатта.

Методдесант кыттыылаахтара  грант күрэҕэр кыттарга бырайыактары оҥоруу ньымаларын билиһиннэрдилэр. Бырайыагы олоххо килэрии, үбү-харчыны табатык туттууну, отчуоту оҥоруу ирдэбиллэрин кэпсээтилэр.

Биир күннээх үлэ олус сэргэхтик, хардарыта ырытыһыы, токоолоһуу, быһаарсыы ньымаларынан ааста.

Түмүккэ Надежда Николаевна педагогтарын билиилэрин таһымын үрдэтэр сыалтан Арассыыйа араас куораттарынан куурустарга ыытарын таһынан, тас дойдуларга кытта үөрэттэрэ ыытарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маны таһынан граннарга кыттар үтүө өрүтүн, үп-харчы итиннэ сытарынэттэ. Уонна бэйэлэрин үлэлэрин, уопуттарын бэрсэр сыаллаах уһуйааныгар ыҥырда. Элбэх сүбэни-аманы биэрдэ.

Педдесаҥҥа кэлэн кыттыыны ылан элбэҕи билэн, истэн иҥэриммит оҕо саадын иитээччилэригэр «Кырачаан ымыылар» бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт методическай босуобуйаларын тарҕаттылар. Методдесант кыттыылаахтара «Ача» оҕо саадын ыалдьытымсах кэллэктиибигэр махтал тылларын этэн тарҕастыбыт.

«Кырачаан ымыыларга» олус туһалаах сүбэлэрин, сырдатыыларын үллэстибиттэригэр бука-бары махтал тылларын этэн, хардарыта ыалдьыттаһыах буолан кэпсэтии барда.

Татьяна Максимова-Лазарева