Кэбээйигэ бастакы идэтийбит худуоһунньук туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ буолла

Кулун тутар 9 күнүгэр П.Д.Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлбитигэр Кэбээйилэргэ бастакынан худуоһунньук идэтин ылбыт учуутал, худуоһунньук, Кэбээйи музейыгар элбэх хартыыналарын бэлэхтээбит Петр Егорович Сметанин төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста.

Кэбээйигэ бастакы идэтийбит худуоһунньук туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ буолла-альбомҥа үөлэннээхтэрин, аймахтарын, үөрэнээччилэрин ахтыылара, хартыыналара, уруһуйдара, эскизтара киирдилэр. Бу дьоро, бэлиэ күҥҥэ Петр Егорович кэргэнэ, кыргыттара, аймахтара, чугас доҕотторо, бииргэ үлэлээбит коллегалара, үөрэнээччилэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр мустубут ыалдьыттар Петр Егорович үлэлэрин, үгүс элбэх оҥорон хаалларбыт альбомнарын быыстапкатын көрөр кыахтаннылар. Чугас дьоно, табаарыстара, коллегалара Бүөтүр аламаҕай майгытын, саргылаах санаатын, эрэллээх кэргэн, аҕа быһыытынан буоларын ахтан-санаан аастылар.

Ирдэбиллээх Учуутал, талааннаах худуоһунньук, киэҥ билиилээх Петр Егорович Сметанин үтүө аата үйэлэргэ кэлэр көлүөнэлэргэ ааттана туруо.

Истиҥ-иһирэх көрсүһүү хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.

Айталина Максимова,
П.Д.Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ.

Читайте дальше