…Иван Романович Петров — идэтийбит учуутал үөрэхтээх маҥнайгы интеллигенция араҥатын саҕалааччы…
(В.А. Лугинов, пед.наука кандидата)
Иван Романович Петров анал учуутал үөрэхтээх Кэбээйибит маҥнайгы интеллигенциятын араҥатын саҕалааччы буолар. Билэрбит курдук, кини 1935 с. Кэбээйи нэһилиэгэр саҥа үлэҕэ киирбит оскуолаҕа иккис кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 1939 с. Дьокуускайдааҕы политпросвет оскуолаҕа үөрэххэ киирбитэ, үөрэҕин балтараа сылынан бүтэрэн, үлэлээбит оскуолатыгар салгыы учууталлаабыта. Онтон үөрэҕин үрдэтэн, 1946-1947с.с. Дьокуускайдааҕы пед.институту бүтэрэр. Онон кини оройуонуттан үрдүк үөрэхтээх бастакы саха тылын уонна литературатын учуутала буолар. Бу курдук 1948 с. “норуот өстөөҕө” ааттанан тутуллан хаайыллыар диэри үлэлиир, ол иһигэр 1942 с. аҥарыгар, 1944-1945 сс. — Тыайа, 1942-1943 сс. Куокуй начаалынай оскуолаларыгар учууталлаабыта. Салгыы таптыыр идэтигэр хаайыыттан босхолонон баран, 1957 с. төннөр уонна эмиэ Кэбээйи, Тыайа, Куокуй оскуолаларыгар 1968 с. пенсияҕа тахсыар диэри үлэлиир.
Иван Романович Петров оройуонугар педагогическай суола, кылгастык бэлиэтээтэххэ итинник.
Кэбээйи нэһилиэгэр кинини сэргэ учууталынан Левин Михаил Иннокентьевич билиниллэр. Михаил Иннокентьевич Кэбээйигэ 1920 с. төрөөбүтэ, бэһис кылааһы бүтэрэн баран, Нам оскуолатыгар (ШКМ) үөрэҕин салгыыр. Салгыы Дьокуускай к. иккис нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэнэн, педрабфакка киирэн, учуутал идэтин баһылыыр. 1941 с. Өймөкөөн оройуонугар учууталлыыр. 1949 с. үөрэх наркомунан Кэбээйи сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн ананан кэлэн, 1967 с. диэри дириэктэринэн, саабыһынан, учууталынан, оройуоннааҕы методкэбиниэт сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Кини улахан тэрийэр дьоҕурдааҕа.
Кэбээйи оскуолата 1935 с. үлэҕэ киириэҕиттэн улахан өрөмүөнү көрбөккө турбута. Онннооҕор түннүктэрэ хаптаһынынан сабыллан тураллара, кылаастар ааннара оҥоһулла иликтэрэ, сыбах, кырааска диэн суоҕа.
Эдэр эрчимнээх дириэктэр бу итэҕэстэри икки сыл иһигэр туоратан, эбии икки кылаас кэбиниэккэ, көрүдүөргэ салҕааһын оҥорторон, оскуола дьиэтэ нэһилиэк биир бастыҥ тутуута буолбута. Онон Михаил Иннокентьевич оскуола материальнай базатын толору оҥорон, 1951-1952 үөрэх дьылыгар орто оскуола статустанарын ситиспитэ. Кэбээйи оскуолата 1951 с. оройуон саха оскуолаларын үөрэнээччилэригэр соҕотох орто үөрэҕи биэрэр кыһа буолбута. Куокуй, Тыайа, Ньидьили, I, II-с Лүүчүннэр, Мукучу нэһилиэктэрин ыччаттара — бары Кэбээйигэ түмүллэн үөрэммиттэрэ. Онон М.И. Левини оройуон оччотооҕу ыччаттара бары убаастыыр, билинэр киһилэрэ этэ. М.И. Левин Кэбээйигэ үөрэхтээһин сайдыытыгар улахан кылааттааҕын билинэн, анал үлэ сурулларыгар былааннанабын.
1939 с. сэтинньититтэн 1942 с. бэс ыйыгар диэри Тыайаҕа Софронеев Петр Спиридонович эмиэ педрабфагы бүтэрэн, алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир. Кини — Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Сэрии кэнниттэн 1946 с. бэс ыйыттан үлэтин Тыайа оскуолатын сэбиэдиссэйинэн салгыыр. Быыһыгар үөрэх салаатын инспекторынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1948-1950 сс. Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын дириэктэрэ. 1950 с. үөрэҕин салгыы пединститут историческай салаатыгар киирэр уонна 1954 с. бүтэрээт, Орто Халыма оскуолатыгар саабыһынан ананан, 1956 с. диэри үлэлиир. Ол кэннэ аспирантураҕа үөрэнэн, олоҕун наукаҕа аныыр. Оройуоммут устуоруйатыгар кини бастакы наука кандидата буолар.
Ефимов Егор Семенович (Тыайа) 1940 с. сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыт, салгыы сэриигэ ыҥырыллан, разведкаҕа сылдьыбыт. 1944 с. ыараханнык бааһыран, Кыһыл Аармыйаттан босхоломмут уонна тута пединститут устуоруйа салаатыгар үөрэххэ киирбит. 1948 с. үөрэҕин бүтэрэн, Усуйаана оройуонун Хаһааччыйа оскуолатын учууталынан, дириэктэринэн саҕалаабыт. Эдьигээн, Элгээйи орто оскуолаларыгар уонна Тополинай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар 1956 с. диэри дириэктэрдээбит. 1956 с. дойдутугар кэлэн Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын дириэктэрэ, 1957 – 1958 с.с. оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ. Үөрэх министиэристибэтин бирикээһинэн Мииринэй оройуонугар көһөрүллэн учууталынан, оскуола дириэктэринэн 1975 с. пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбит.
1941 с. педрабфакка учуутал идэтин ылбыт ыччаттарбыт Сииттэҕэ ини — бии Баһылай, Өлөксөй Колмогоровтар кэлбиттэрэ. Василий Егорович – дириэктэринэн, быраата Алексей Егорович учууталынан, 1943 с. фроҥҥа ыҥырыллыахтарыгар диэри үлэлээбиттэрэ. Сэрии кэнниттэн таптыыр идэлэригэр төннүбүттэрэ. В.Е. Колмогоров 1946 с. — Кэбээйи оскуолатын дириэктэрэ, 1947 с. — Сииттэ оскуолатын сэбиэдиссэйэ, 1948-1950 сс. пединситукка үөрэнэр, салгыы 1950-1952 сс. — Кэбээйи оскуолатын саабыһа. Мантан салгыы партийнай үлэҕэ көһөр.
Новиков Василий Гермогенович — Мукучу нэһилиэгэр Новиковтар учууталлар династияларын баһылыга, учуутал каадырдар тиийбэттэринэн 1929 с. Бүлүү оскуолаларыгар учууталлаабыт. 1934 с. Лүүчүн начаалынай оскуолатыгар учууталынан анаммыт, Дьокуускайдааҕы пед.училищены бүтэрбит. Уопсайа 35 сыл устата Танара оскуолатыгар үлэлээбит.
Иван Егорович Левин 1941 с. Дьокуускайдааҕы педучилище бастакы куурсун бүтэрэн, I Лүүчүн оскуолатыгар учууталлыыр, сэбиэдиссэйдиир. 1943 с. сэриигэ ыҥырыллар, сэрии кэнниттэн үөрэҕин салгыыр, 1953 сылтан Тыайа сэттэ кылаастаах оскуолатын дириэктэрэ. 1957 с. Танара сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн ананар уонна пенсияҕа тахсыар диэри олоҕун барытын Танара оскуолатын сайдыытыгар аныыр.
Иванов Иван Иванович – Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын выпускнига. Сэриигэ 1942 с. ыҥырыллыбыт, 1946 с. сэрииттэн эргиллэн кэлбит уонна үөрэммит оскуолатыгар учууталынан анаммыт. Доруобуйатын туругунан (сэрииттэн инбэлиит буолан кэлбитэ) 1970 с. учуутал үлэтиттэн тохтообут.
Егоров Николай Петрович Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1939 с. Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбит, 1941 с. кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. 1940 (сэтинньи)-1942 (олунньу) с.с. Мукучу нэһилиэгэр улахан дьону үөрэтиигэ үлэлээбит. 1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1959-1960 үө.с. — II-с Лүүчүн оскуолатын сэбиэдиссэйэ. Кэлиҥҥи сылларга 1983 с. диэри Танара оскуолатыгар устуоруйа учуутала. Николай Петрович кэргэнэ Руфова Ульяна Дмитриевналыын Егоровтар учууталлар династияларын саҕалааччылар.
40-с сылларга анал үөрэхтээх учууталлар тиийбэттэринэн, оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбит дьоҕурдаах оҕолор тута учуутал буолаллара. Куокуйтан итинник, оскуоланы бүтэрээт, учууталынан анаммыт киһибитинэн Соловьев Николай Николевич буолар. Кини 1941 -1942 үө.с. Нам оскуолатын бүтэрэн, физкультура учууталынан үлэлээбитэ. 1942 с. бэс ыйыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллар, 1945 с. эргиллэн кэлэр. Ити сыл Намтан дойдутугар Куокуйга кэлэн интернат сэбиэдиссэйинэн ананар. 1946 с. от ыйыгар оройуоннааҕы үөрэх салаатын бирикээһинэн начаалынай оскуола сэбиэдиссэйэ буолар. 1946 сылтан 1953 сылга диэри Куокуй начаалынай оскуолатыгар сэбиэдиссэйдээбит, учууталлаабыт.
Ньидьили начаалынай оскуолатын үлэтин бастакы сылларыгар, 1931 – 1934 үө.с., олохтоох ыччаттартан, эмиэ анал үөрэҕэ суох, Ноговицын Николай Федорович диэн эдэр киһи учууталлаабыт.
Улууспут үөрэхтээһинин устуоруйатыгар бу ааттар умнууга хаалбат Ытык дьоннорбут буолаллар. Эдэр ыччаттар кинилэр ааттарын өрүү өрө тута сылдьыахтарын баҕарабын. Учуутал үөрэхтээх, маҥнайгы интеллигенция араҥатын саҕалаабыт И.Р. Петров төрөөбүтэ 110 сылын эһиил баччаларга
…Улуу Лена өрүһүнүү
Устар уһун саастаныам,
Дохсун күүстээх көмүөллүү
Доҕотторбор таптатыам… — диэн учуутал, поэт бэйэтин тылларынан бэлиэтиэхпит.
Роза Иванова, бэтэрээн учуутал, краевед.