От үлэтэ саҕаланыаҕыттан 595 киһи үлэлээтэ, үксүлэрэ былааннарын толорон ходуһаттан таҕыстылар. 214 трактор, 15 механизированнай, 73 п/мех., 3 к/ручной, 124 илии звенолара үлэлээтилэр уонна үлэлии сылдьаллар.
Улууспут окко былаана — 10176 т., бу күҥҥэ 9472 т. от оттонно, ол эбэтэр былааммытын 93,08% толорон иһэбит.
Былааннарын толордулар — Куокуй нэһилиэгэ — 106,29%( былаан 620 т, туолла 659 т.), 2 Лүүчүн — 106,09% ( 640 т. — 679т.), Сииттэ — 124,43% (700 т. — 871 т.), Сангаар — 140% (5 т — 7 т.).
Ньидьили — 86,78% (605 т. — 525 т.), 1 Лүүчүн — 84,23% (620 т. — 522,2 т.), Арыктаах — 83,75% ( 360 т. —
301,5 т.), Тыайа — 76% (500 т — 380 т.), Кировскай — 68,75% (160 т. — 110 т.), Ламынхинскай — 67,50% (20 т. — 13,5 т.).
Улахан уонна элбэҕи оттуур нэһилиэктэртэн Мукучу — 95,51% (былаан 2496 т.- туолла 2384 т.), Кэбээйи — 87,54% (былаан 3450 т.- оттонно 3020 т.).
Ол иһиттэн:
— Левина А.В — 77,25% (800 т. — 618 т.)
— Левин Е.Е. — 77,50% (120 т.- 93 т.)
— Левин А.Е. — 77,80% (500 т.- 389 т.)
Уоннааҕы Кэбээйи нэһилиэгин оччуттара бары былааннаах отторун ыллылар. Халлаан туруга көрдөрөрүнэн өссө да ардаҕа суох, онон бары оччуттар былааннарын аһара толороллоро күүтүллэр. Кураан күннэр тураннар быйыл Турбаахы эбэбит уулаах хас да сыл оттоммокко турбут ходуһалара киэҥник охсуллан, оттонон кэҥэтилиннэ диэн үөрэбит.
Информация Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын 26.08.24 с. сводкатыгар олоҕуран оҥоһулунна.
Григорий Егоров, Кэбээйи.