П.Д. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ нэдиэлэ аайы ыытыллар араас хабааннаах маастар-кылаастар, кылаас чаастара, презентациялар ыытыллалларын таһынан ыйга биирдэ хайаатар да быыстапкалар ыытыллаллара үгэскэ кубулуйда.
Билигин ыам ыйын 13-24 күннэригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар анаммыт «Семейная реликвия» диэн быыстапка үлэлии турар.
Быыстапкаҕа улахан дьон, оскуола оҕолоро күндүтүк саныыр, харыстаан илдьэ сылдьар өбүгэлэрин, эбээлэрин, эһээлэрин малларын, тутта сылдьыбыт тэриллэрин — дьиэ кэргэн историятын, реликвиятын аҕалан дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаардылар.
«Ханнык баҕарар дойду историята дьиэ кэргэн, өбүгэлэр историяларыттан саҕаланар. Хас биирдии экспонат — олоро сылдьыбыт киһи эрэ буолбакка, бүтүн дойду историята буолар», — диэн экскурсовод Айталина Максимова кэпсиир.
«Нэһилиэк олохтоохторо, оҕо саадын иитиллээччилэригэр тиийэ биир дойдулаахтарбыт, аймахтарбыт, өбүгэлэрбит олохторун, Кэбээйи историятын кытта билсиһиннэрэр быыстапканы кэлэн көрөн, биһирээн бараллар», — диэн исписэлиис үөрэ сэһэргээтэ.
Бүгүн бу быыстапкаҕа «Кустук» оҕо саадын иитиллээччилэрэ түмэлгэ кэлэннэр Айталина Анатольевна хас биирдии экспонат историятын сиһилии кэпсиирин истэн, урукку малы-салы, туттар тэриллэри, музыкальнай инструменнары дьиктиргии көрөннөр дьиэлэригэр сэһэн-сэппэн сонуннанан тарҕастылар.
Татьяна Максимова-Лазарева