Кэбээйи түмэлигэр кинигэ сүрэхтэниитэ

П.Д. Степанов аатынан Кэбээйи улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлигэр Кэбээйи оройуонугар Бүлүү өрүһүн төрдүгэр гааһы булууга кыттыбыт Таас-Тумус олохтооҕун Н.А. Яковлев 100 сааһыгар анаммыт кинигэ сүрэхтэниитигэр Таас-Тумуска, Промышленнайга, Киччэҥҥэ олоро сылдьыбыт дьоннор уонна кинилэр оҕолоро, Кэбээйитээҕи УГРС тэрилтэтин үлэһиттэрэ (нач. Стручков С.К.), краевед Е.А. Павлов, «Нуклеус» чинчийэр лааҕырын оҕолоро (сал. ЗаровняеваВ.Н.), модельнай бибилэтиэкэ Оконешникова С.В., түмэл үлэһиттэрэ кытыннылар. Кинигэни билиһиннэриини иилээн-саҕалаан ыытта Кэбээйи орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ А.А. Егорова. Кини бу темаҕа сыһыаннаах Таас-Тумус, Промышленнай, Киччэн, гааһы булуу тиэмэтигэр анаммыт эпилиэнтэлэри көрдөрдө.

Аҕатын Николай Алексеевич Яковлев түһунан кинигэни суруйбут уола Валерий Николаевич Яковлев (Саха сирин, Арассыыйа бочуоттаах архитектора, тутуу бэтэрээнэ) видеоннан сибээскэ тахсан кытынна уонна махталын биллэрдэ.

Кинигэҕэ бэлиэтэммитинэн Н.А Яковлев гааһы арыйыыга кылаатын иһин Саха сирин Бүлүү өрүһүн төрдүгэр гаас көстүбүтүгэр кини дьаныардаах үлэтин түмүгэр Буровой туруоруллан кистэнэн сыппыт гаас саппааһа көстүбүтүнэн кинини — «Бастакы гааһы арыйааччы» диэн ааты иҥэрэргэкэмэ кэллэ диэн, суруллубутун өйүүргэ диэн биир санааҕа кэллибит. В.Н.Заровняева «Нуклеус» салайааччыта оҕолорун кытары гаас булуллубута 60 сылыгар анаан сылдьыбыт маршруттарын кэпсээтэ. Оҕолор И.Р. Петров гаас көстүүтүгэр анаабыт хоһоонун аахтылар. Икки сылынан гаас көстүбүтэ 70 сылыгар анаан чинчийэр уонна үйэтитэр үлэлэр өссө да барыахтарын наадатын кыттыбыт дьон бэлиэтээтилэр. Кэбээйитээҕи УГРС салайааччыта С.К.Стручков түмэлгэ гаас үлэһиттэригэр анаан экспонаттары мунньан экспозиция аһарга үлэлэһэ сылдьар.

Ити курдук Кэбээйибит улууһугар гаас арыллыытыгар кыттыбыт уонна ол иьин «Знак почета» орденынан  наҕараадаламмыт Н.А. Яковлевка анаммыт кинигэ сурэхтэниитэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.

Түмэл директора Григорий Егоров.