Кэбээйи оҕо саадтара Кыайыыны уруйдууллар

Улуу Кыайыы хайдахтаах сыананан кэлбитин үүнэр ыыччакка кыра саастарыттан тириэрдии иитээччи ытык иэһэ буолар. Оҕо төһө да кыра саастаах буоллар этиллибит тыллары, кэпсэниллибит түгэннэри умнубаттыы өйдүүр.

Бүгүн Кэбээйи нэһилиэгин оҕо садтарыгар иитээччилэр кырачаан иитиллээччилэригэр Кыайыы күнүгэр анаан араас бырайыактары үлэлэттилэр. Ол курдук, «Кэскил» оҕо саадын иитээччилэрэ «Красная гвоздика» акцияны тэрийэн, гвоздика сибэкки суолтатын, тоҕо Кыайыы сибэккитэ буолбутун, ситимин, тоҕо бу сибэккини Кыайыы памятнигар уурулларын быһааран, кэпсээн биир дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыыттылар.

Онтон «Кустук» оҕо саада «Саллаакка сурук» бырайыактарыгар сурук суруйдулар уонна анал дьайыыттан эмсэҕэлээн госпитальга эмтэнэ сытар байыастарга волонтердар баайбыт наскыларыгар, чехолларыгар уктулар. Ити сурук сотору дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка айанныаҕа. Маны таһынан «Кустуктар» «Бессмертный полк», «Полевая кухня» бырайыактары ыыттылар.

«Сардаана» оҕо саадын иитиллээччилэрэ бүгүн Кыайыы күнүгэр анаммыт тэрээһиннэригэр саллаакка сурук суруйдулар, эһээлэрин, эбээлэрин дьоруойдуу үлэлэрин, сырыыларын билистилэр.

Онон Кэбээйи нэһилиэгин оҕо саадын иитиллээччилэрэ бүгүҥҥү күннэрэ толору Кыайыы күнүн уруйдааһыҥҥа ананна.

Татьяна Максимова-Лазарева