Кэбээйи кэрэ анардара Сибэкки баалыгар муһуннулар

Сырдык сарыал илдьиттээх, кэтэһиилээх кэрэ Маай бырааһынньыгар Ыам ыйын 1 күнүгэр, Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинигэр, “Сибэкки Баала” диэн күрэх ыытылынна.

Күрэххэ нэһилиэкпит актыыбынай кыттааччылара “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Иванова Т.С.), “Кэскил” оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ (сэбиэдиссэй Дьяконова Н.Ю.) уонна биирдиилээн кыттааччылар кыттыыны ыллылар. Күрэх кыттааччыларын талааннаах ырыаһыттар, ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Күөх Маай бырааһынньыгар кыттааччыларбыт бары сибээккилээх былааччыйалары кэтэн, маанытык киэргэнэн — симэнэн, сибэкки араас дьөрбөтүн иилинэн кэлэн тэрээһини киэргэттилэр.

Түмүккэ 1 миэстэни “Кэскил” оҕо уһуйаанын кэллэктиибэ (сэбиэдиссэй Дьяконова Н.Ю.), 2 миэстэ – “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Иванова Т.С.) ыллылар. Биирдиилээн кыттааччылартан – Иванова Т. С., Обутова Н.В., Софронеева Е.К., Максимова Ф.В., Дьяконова Н.Ю., Кобякова И.Г., Кобякова М.П. Филиппова С.П., Лугинова В.Е. анал бириистэринэн наҕараадалананнар үөрүүлэрэ үксээтэ.

Ефросинья Кириллина