Кальвица мас-тардыһааччылара чыпчаалга

2002 с. Кальвицаҕа физкультура учууталынан ананан кэлэрбэр спорт, физкультура чааһыгар баҕа олох суоҕун кэриэтэ этэ. Кальвица оҕолорун мас тардыһыытыгар сыһыарар сыалтан аргыый аҕайдык физкультура уруогун быыһыгар мас тардыһыытын эриэккэс хамсаныыларыгар оҕолорбун угуйан барбытым. 7 сыл устата буһан-хатан ситэн бараммыт, 2009 с. балыксыттар бириистэригэр диэн ааттаан олохтоохтор көмөлөрүнэн, эрэллэринэн бастакы улустааҕы аһаҕас күрэхтэһиибитин тэрийбиппит. Ол күрэхтэһии 6 төгүл ыытыллыбыта. Кэлин 2 сыл ветеран бригадир балыксыттарбыт чиэстэригэр «Бөргө Боотура» диэн ааттаан 6 көрүҥҥэ многоборье ыытыллыбыта.

Дьэ, бу хас да сыллаах-сыралаах уопсай үлэбит түмүгүнэн оҕолорбут дорҕоонноох ситиһиилэрэ туоһулуур, ол курдук Кальвица мадьыыналара Саха Республикатын чемпионатын үрдүк чыпчаалыгар 7 төгүл Дальневосточнай уокурукка уонна Россия чемпионатыгар 4 төгүл, саамай киэн туттар ситиһиилэрбитинэн 2012 сыллаахха Аан Дойду оонньуутугар «Азия оҕолоро» Саха сирин сборнай командатын 57 кг. көмүскүүр чиэскэ Азаров Гриша 9 кылааска үөрэнэ сылдьан тиксээһинэ. Гуляев Егор – 80 кг эр дьоҥҥо Узбекистан дойдутугар 2023 с. Аан дойду кыайыылааҕынан буолбута уонна кини 2023 с. түмүгүнэн «Лучший спортсмен» Федерации мас-рестлинга РС(Я) диэн үрдүк ааты ылааһына.  Саамай сибиэһэй үөрүүлээх ситиһии бу кулун тутар 2-3 күннэригэр Гаврил Десяткин СӨ улахан дьоҥҥо чемпионатыгар Айсен Гуляевпыт – 65 кг. III бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн биир үрдүк ситиһиитэ буолар.

Кальвицаҕа ыччат баар, үлэ сөргүтүллэн бара турар, ситиһиилэр кэлэн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Кыралаан эт-хаан сайдыытын атын хайысхаларын эмиэ киллэрэрэгэ хамсааһыннар бааллар. Этэҥҥэ буолуҥ, спорду өйөөҥ, спордунан дьарыктаныҥ!

Кирилл Никифоров, Кальвица төрүт оскуолатын физкультураҕа учуутала.