Дьокуускай куоракка краеведческай национальнай библиотекаҕа Алаас уран тарбахтаахтара» бырайыак чэрчитинэн, норуот маастара Елизавета Константиновна Софронеева салайар «Иис-уус умсулҕана» улуустааҕы түмсүүтүн кыбытыктаах тигии ньыматынан иистэммит оҥоһуктарын көрүүтүн түмүктүүр тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Манна 2017 сыллаахха тэриллиэхпититтэн тикпит нэһилиэктэрбит бэлиэлэрин гиэрбэлэрбитин, биир дойдулаах буойун суруйааччыбыт Т.Е. Сметанин айымньыларынан дьүһүйүүлэрбит, улууспут уратытын көрдөрөн, нэһилиэктэрбит тус дьарыктарын ойуулаан көрдөрбүт улахан паннобут турдулар. Философия, устуоруйа учуонайдара, улууспут салалтатыттан, «Симэх» галареятыттан, улуус землячествотыттан кэлэн сөҕө-махтайа, инникигэ кэскил, эрэл тылларын анаатылар. Кинилэр инникитин сайда турар туһугар, биир санаанан салайтаран өссө айа-тута турарбытыгар баҕардылар.
Елизавета Софронеева — Ил Ииһэ Санаайа:
«Кэрэ кэскил кыраайым — Кэбээйим » улуустааҕы «Иис Уус Умсулҕана » түмсүүм выставкабыт презентацията торумнаммытын курдук , уу сахалыы тыынынан , алгыстан саҕаланан , кыл кылыһах кырыымпанан доҕуһуолланан , «Кымыс ырыатынан» арыалланан , саха мындыр учуонайдарын сэҥээриилэринэн кэрэхсэнэн, улууспут салалтатыттан кэскиллээх үлэҕэ өйөбүлү ылан, «Симэх» НК — Яна Викторовнабыт истиҥ иһирэх эҕэрдэтиттэн үөрүүбүт үрдээн, биир дойдулаахтарбыт санаалара көнньүөрэн сырдаан алҕаан, айымньылаах үлэҕэ кынаттаатылар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо . «Иис Уус Умсулҕана» түмсүүм иистэнньэҥ дьүөгэлэрбэр , күндү бу «Алаас Уран Тарбахтаахтара» проект авторыгар Л.П. Жирковаҕа, Нацбиблиотека ааҕар саалатын сэбиэдиссэйигэр Л.И. Кычкинаҕа, бары ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар, бука барыгытыгар истиҥ махтал буоллун!»
Елизавета Константиновнаҕа бу курдук, улууспутугар өбүгэ үгэһин үйэтитэн, кэлэр көлүөнэ ыччакка үөрэтэн хаалларар туһугар сыралаах үлэҥ өссө үүнэ-сайда турарыгар уонна улууспутун киэҥ эйгэҕэ уран оҥоһук өрүтүнэн таһаара тураргар баҕарабын.
Екатерина Архипова