«Иэйии» ийэлэр түмсүүлэрэ биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолаллар

Сииттэбит нэһилиэгэр билигин хас да түмсүү таһаарыылаахтык үлэлии — хамсыы олорор. Ол тумсуу иһигэр элбэҕи эрэннэрэр, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччылара, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар таҥас — сап тигиитигэр күүс — көмө буолар бастыҥ үлэлээх «Иэйии» эдэр ийэлэр түмсүүлэрин туһунан, киэн туттан туран суруйарга сананным.

Түмсүү салайааччытынан элбэх оҕо ийэтин, эбээтин, сатабыллаах хаһаайканы Марианна Захарованы биир санааннан талбыттара. Эдэр ийэлэр ортолоругар оскуолабыт учууталлара, детсад үлэһиттэрэ, нэһилиэкпит үлэни — үөрэҕи өрө тутар кэрэ аҥаардар бааллар. Книлэр бары өттүнэн холобур буолар эдэр ыалларынан ааттыахха сөп: Анастасия, Айсен Ноговицыннары, Мария, Прокопий Новгородовтары, Туйара, Андрей Поповтары, Ольга, Егор Левиннары, Екатерина, Василий Алексеевтары, Мария, Семен Новгородовтары, Римма, Артем Винокуровтары, Валентина, Василий Гороховтары, Ольга, Прокопий Александровтары, Анастасия Парникованы, Екатерина Расулованы, Алгыстаана, Алексей Аргуновтары, Марианна, Иван Захаровтары, Галина, Егор Гуляевтары, онтон да атын көхтөх ийэлэри, дьиэ кэргэттэри киһи быыстала суох ааттаталыан сөп.

«Иэйии» түмсүү инники үлэтин былаана дириҥ уонна киэҥ. Түмсүү салайааччыта Марианна Захарова элбэх оҕолоохпун, сүөһүлээхпин — астаахпын, хаһаайыстыбалаахпын, иллэҥим суох диэн хаһан да аккаастаан олорон хаалбат, үлэһит үтүөтэ, сүрэх мааныта, дьаһал бастыҥа ийэ. Нэһилиэгин олохтоохторун туһугар үтүөтэ улахан, элбэх. Марианна Семеновна баржаннан, кыаммат, кэлбэт — барбат олохтоохторго тутуу материалыттан саҕалаан, күннээҕи продукталарыгар, килиэптэригэр тиийэ сакаастаһан аҕалтарар буолбута номнуо үһүс сылыгар барда. Онон «Иэйии» түмсүүлэр, кыһалҕалаах дьоҥҥо ис сүрэхтэн болҕомто ууран үлэлииллэригэр махталбытын тиэрдэбит. Ол курдук, бу күннэргэ Елена, Афанасий Новгородовтарга көмө оҥорорго бастакыннан этии киллэрэн «Ииэйии» ийэлэр түмсүүлэрэ улахан үлэ ыыттылар. Новгородовтар дьиэ кэргэттэригэр тутуу боппуруоһун, олохтоох баҺылыгы кытта көрсөн, төгүрүк остуолга этии киллэрэннэр, стройматериалларын аахтаран барытын баржаннан тиэйтэрэн аҕалтарбыттара. Онон нэһилиэктэрин олохтоохторун элбэхтик үөрдэллэр, бар дьоннорун махталларын ылыахтарын ылаллар.

Түгэнинэн туҺанан түмсүүнү өйүүр олохтоох дьаһалта баҺылыгар Семен Тимофеевичка улахан махталларын тиэрдэллэр. Манан сиэттэрэн «Иэйии’ эдэр ийэлэр түмсүүлэригэр өссө таһаарыылаах үлэлэри, доруобуйаны, дьиэ кэргэттэригэр дьолу, уостубат тапталы баҕарабыт.

Марианна Сивцева