Бүгүн биһиэхэ ураты кэрэ бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук, истиҥ ырыа куттаах далбардарбыт нэһилиэкпит общественнай, култуурнай олоҕор саамай көхтөөх кыттааччыларбыт «Иэйии» ансаамбыл кэрэ эйгэҕэ ыллаан -туойа сылдьар 20 сыллаах үбүлүөйдээх дьоро киэһэлэрэ ыытылынна.
Ансаамбыл уус-уран салайааччытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, үҥкүүһүт бастыҥа Антонина Иосифовна Павлова буолар. Састаабыгар бааллар биһиги ийэлэрбит, учууталларбыт, эбээлэрбит, далбар хотуттарбыт. Ол курдук, Российскай Федерация Үөрэҕириитин туйгуна,Учууталлар учууталлара, үөрэҕирии систематын бочуоттаах бэтэрээнэ, бастыҥ чинчийээччи анал бириэмийэ хаһаайката Мария Петровна Павлова. «За заслуги перед Кобяйским улусом», «За вклад в развитии дошкольного развития», «100 лет дошкольного образования Республики Саха (Якутия)» бэлиэлэр хаһаайына, бочуотунай бэтэрээн Екатерина Иннокентьевна Егорова. Арассыыйа Федерациятын үлэ бэтэрээнэ, Коммунистическэй үлэ ударнига, 1979 с. социалистическэй күрэх кыайыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэ бэтэрээнэ Дария Иннокентьевна Алексеева. Талба талааннаах мааныта, үҥкүүһүт, ырыаһыт, дьээбэрэҥ аргыстаах, сыана бэтэрээнэ, художественнай самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа Наталья Иннокентьевна Григорьева. Ырыаһыт үтүөтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталлар учууталлара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ бэлиэлэр хаһаайына Дария Николаевна Кононова. Үөрэҕирии бэтэрээнэ, улуустааҕы «Серебряный глобус» күрэх кыттыылааҕа, оҕо уһуйааныгар өр сылга үлэлээбит сыана бэтэрээнэ Марианна Васильевна Михайлова. Бу бары ааттаммыт далбар хотуттарбыт «Иэйии»ансаамбыл ырыаһыттара буолаллар.
Бу үөрүүлээх кэрэ бэлиэ күн ыраахтан, чугастан аймах-билэ бар дьонноро ыҥырыыларын ылынан бу үөрүүгэ кыттыһа кэлбиттэр. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Юрий Иванович Лепчиков хас биирдиилэригэр махтал сурук туттарда, баҕа санаа бастыҥын, эҕэрдэ эриэккэһин «Иэйии»ансаамбылга анаата. Ансаамбылга анаан сертификат үөрүүлээх-быһыыга туттарда. Улуустааҕы култуура управлениятын начальнигыттан Алексей Терехов аатыттан эҕэрдэ сурук барыларгар тигистэ. Култуура миниистирэ Афанасий Ноев ыыппыт эҕэрдэ суругун салайааччы Антонина Иосифовнаҕа туттарылынна. Бүгүҥҥү үөрүүгэ кыттыһан нэһилиэкпит актыбыыстарын чиэстии кэллилэр Степан Васильев аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ, Кэрэ эйгэ искусство оскуолатын үлэһиттэрэ, Николай Петрович Егоров аатынан Мастаах орто оскуолатын дириэктэрэ А.Н. Саввинова, «Чуораанчык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ А.Н. Семёнова, «Тускулаана» түмсүү аатыттан У.Д. Павлова уонна күн-күбэй ийэлэрин эҕэрдэлии кэлбит оҕолоро, ыччаттара. Эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, ити баҕа санааҕа кыттыһан туран үөрүүлээх чаас түмүктэннэ. Үөрүүлээх чааһы иилээн-саҕалаан ыытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Сардана Жакипова.
Дьэ, билигин буоллаҕа саргы талаан дьоҕурдаах, кэрэ, сырдык ыллыктаах, сайаҕас сайдам санаалаах, ырыа куттаах далбардарбыт, «Иэйиилэрбит» истиҥ иһирэх эҕэрдэ кэнсиэрэ саҕаланна. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытар «Иэйии» ансаамбыл тэриллэригэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут биир баар суох оҕолоро, уоллара, Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаһыт, тамадаһыт Терентий Егоров. Кэнсиэрт аһыллыытыгар «Тускулаана» түмсүү үҥкүүнэн арыйда, алаадьынан айах тутан бар дьону күндүлээтилэр.
Билигин эһиэхэ кылгастык да буоллар «Иэйии»ансаамбыл ситиһиилэрин сырдатыам.
2012 с. биир дойдулаахпыт, биллиилээх мелодист Степан Васильев «Санааларым мин кынаттаах ырыаларым» диэн өрөспүүбүлүкээнскэй ырыа күрэҕэр 3 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыттара.
2013 с. Татьяна Боронова аатынан Өрөспүүбүлүкээнскэй ырыа күрэҕэр Бүлүү куоратыгар «Иэйиилээх ырыаһыттар» диэн номинацияны ылбыттара.
2014 с. Мукучуга ыытыллыбыт «Унаардаах угуйар ырыалара» ырыа күрэҕэр 3 истиэпэннээх лауреат аатын ылбыттара.
2016 с. Степан Васильев «Санааларым мин кынаттаах ырыаларым» ырыа күрэҕэр 1 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыттара.
«Иэйии» ансаамбыл толоруутугар биир дойдулаахпыт, хоһоонньут, тойуксут, ырыаһыт Марыына Комарова тылларыгар «Үүнэ, сайда тур Мастааҕым!» диэн ырыанан дохсун ытыс тыаһынан ансаамбылбытын көрүстүбүт.
Терентий Егоров бииргэ алтыһар, доҕор-табаарыс дьоно бу үбүлүөйгэ ыалдьыттыы кэллилэр — Уус Алдантан Николай Бурцев, Мэҥэ Хаҥаластан Афанасий Санников ырыаһыт, баянист кэнсиэркэ кыттыыны ыллылар. Үбүлүөйдээх кэнсиэри бэйэлэрин ырыаларынан киэргэттилэр Терентий Егоров, Николай Бурцев, Афанасий Санников. Иэйиилэрбит Степан Васильев ырыаларыттан «Уһугунна ньургуһун», «Дьол көлүччэтэ», П. Ойуунускай тылларыгар «Таатта үрэх үрдүгэр», араас ырыаттан попурри баяҥҥа доҕуһуоллатан ыллаатылар. «Талбаана»түмсүү казакскай үҥкүүнэн киэргэттэ. «Иэйии» ансаамбыл саха дьахтарын таҥаһын сайбалдьыйа хааманнар муодалаан көрдөрдүлэр. Сыана бэтэрээнэ Николай Алексеев ырыа кэһиилээх кэлэн бар дьонун эҕэрдэлээтэ. Түмүккэ Өрөгөй ырыабытын «Кэбээйини» бука бары түмсүүлээхтик ылластыбыт. Далбар хотуттарбытыгар, ырыа кутаах Иэйиилэрбитигэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтө оҕолоро бэлэх ууннулар. Манан ырыа куттаах, истиҥ иэйиилээх дьоро киэһэбит түмүктэнэр. «Иэйии» ансаамбыл аатыттан көрөөччүлэргэ минньигэс туорт амсаттылар.
Үбүлүөйдээх бар дьоммутугар баҕарабыт ыллаабыт ырыаларгыт мэҥэ халлааҥҥа дуораһыйан, ийэ сиргэ кустук өҥүн арааһын кутуохтун. Бар дьоҥҥут ытыктабылын ылан, билэр дьоҥҥут биһирэбилин истэн, ыччаккыт сылаас тапталынан, сиэннэргит минньигэс мичээрдэринэн санааҕыт сандаардын, үйэҕит уһаатын!
Сардана Жакипова, Мастаах бөһ.