Үлэ ханнык баҕарар хайысхатыгар сүбэ – ама буолар киһини өрүү убаастыы, махтана ахтаҕын, саныыгын, умнубаккын. Идэбин ыларга сүрүн практикабын үөрэммит Кэбээйим оскуолатыгар Аида Николаевна Петроваҕа ааспытым. Икки ыйы быһа кэлин паартаҕа олорон хас биирдии тылбын кэтээн олорон үөрэппитэ-такайбыта. Төһөдаҕаны сыыспытым иһин, хаһан да хос түһэн үөрэтиһэн киирэн барбат. Уруоктарым кэнниттэн биирдэ ырытабыт. Сыыспыппын аныгыскы уруокка хайдах көннөрүөхпүн сөбүн ыйан биэрэр. Сороҕор: Манна оҕо тылын истэн былааҥҥыттан туора бардыҥ дии, былааҥҥар маннык баар, эн тоҕо атыннык бардыҥ? Бу этабыҥ табылынна, мантыгын көннөрүнүөххүн наада. Бу этапкар былааҥҥар суох этиини оҥордуҥ дии, хата оннук гыммытын наһаа табылынна, доҕор, — диэн көннөрөр, хайгыыр, сүбэлиир. Арай, уруһуй, үлэ, айылҕа уруоктарыгар: ”Хата бэйэҕиттэн үөрэнним, аны маннык гынар эбиппин”, — диэн мичилийэ олороро бу баар курдук. Аида Николаевнаны биирдэ улуус салалтатыттан кэлэннэр, аһаҕас уруок ыыттардылар. Аида Николаевнамтоҕо эрэ уруогар миигин киллэрбэтэҕэ. Ырыталларыгар уруогуттан тугу да кыайан сэмэлээбэтилэр быһыылаах, арай: «Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитэ диэни арааран өйдүүллэригэр 2-с кылаас оҕолоро кыралар» — диэбиттэр. Оттон биһиги оҕолорбут ити өйдөбүлү олус учугэйдик арааран билэллэр. Уруок таһынан оҕолорбутун таһырдьа оонньоторбут, уруоктарыгар эбии дьарыктыырбыт, оҕолорбутун олус таптыырбыт. Маны тэҥэ, Аида Николаевна учуутал общественнай улэҕэ активнай буолуохтаах диэн өйдөбүллээҕэ. Бу кэмҥэ олорор туолбэтин салайара, быыбар хамыыһыйатыгар баара, нэһилиэк депутатынан үлэлиирэ. Саас аайы ыытыллар фестивальга түөлбэбитинэн концертаан Тыайаҕа гатроллаан кэлбиппит. Наһаа элбэх нүөмэргэ кыттыбыппыт. Дьиэтигэр ыҥырдаҕына чэйдэппэккэ эрэ ыыппат, наһаа минньигэс бурдук астардаах буолара. Хаһан барытын ситиһэрин сөҕөр эрэ этим. Билигин да5аны бастакы наставнигым субэтэ улэбэр, олохпор үтүө өйдөбүл буолан сылдьарын билинэбин уонна өрүү Аида Николаевнабар ол туһунан этэ сылдьыбыппыттан астынабын. Онтон кылааспыт оҕолоро билигин даҕаны учууталбыт диэн үөрэ-мичийэ дорооболоһоллоро, кэпсэтэллэрэ улахан үөрүүм буолар.
Сайыҥҥы практикабар хапыыстаҕа Анна Михайловна Полятинскаяҕа үлэлээбитим. Бу, ийэлии истиҥник-иһирэхтик сыһыаннаһар, олус аламаҕай наставникпынаан оҕолордуун наһаа үчүгэйдик алтыспыппыт. Элбэх күрэстэри, күрэхтэһиилэри тэрийэрбит, оҕолордуун тэҥҥэ мэниктиирбит. Анна Михайловнабынаан дөрүн-дөрүн көрсөн үөрэбит.
Лүксүгүүн оскуолатыгар үлэлиир кэмнэрбэр Арыктаахтан Владимир Петрович Ноговицын, Мария Петровна Татаринова кэлэн үөрэтэн барар этилэр. Арыктаахха баран эмиэ сүбэ-ама ыларбыт, ыйытарбыт элбэх буолара. Кинилэр амарах сыһыаннарын, олус наадалаах сүбэлэрин туһанарбыт.
Тыайа орто оскуолатыгар “Төрүт культура” предметигэр Матрена Иннокентьевна Алексеева элбэх сүбэтэ-амата олус туһалыыра. Кини бэйэтэ республикаҕа тарҕаммыт тус программалаах, улахан опыттаах киһи буоллаҕа.
Араас проектары толкуйдаан тэрийэрбэр саамай чугастык ылынар киһим Матрена Павловна Килижекова буолара. Бэлэмнэнэр кэмҥэ уустугурдар түгэннэрбэр олус түргэнник: “Оттон, маннык гыммаппыт да?”, — диэн сүбэлэһэ охсоот ааһан хаалара, туохха да тэҥнэммэт улахан көмө буоларын, арааһа, бэйэтэ да билбэтэ буолуо.
Алын сүһүөх кылааска үөрэтэрбэр бииргэ үлэлиир, олус амарах, сытыары-сымнаҕас майгылаах Мария Петровнабар перемена аайы киирэн араас эйгэҕэ олус элбэҕи быһаарарбыт. Кини сэмэй баҕайытык кэпсэтэрэ бэйэтэ бараммат билии ылар, санаа көтөҕөр өйдөбүл. Онтон Матрена Григорьевнам хаама сылдьар энциклопедиям. Оннооҕор уруок ортотугар мунаахсыйан ылар түгэҥҥэ сүүрэн тиийэн ыйыттахха, олус түргэнник быһаара, сүбэлии охсор киһим буолар.
Бастакы сылларбар саамай сатаабат көрүҥмүнэн уруок этаптарын ситимнээһин буолара. Дьэ манна Азалия Петровнам улахан көмөлөөх. Ып ыраас лиискэ суруйан хачыгыратар курдук, холобур аҕала-аҕала сүбэлээн бардаҕына:”кырдьык даҕаны, хайдах өйдөөбөтөхпүнүй”, — дии саныыгын.
Үлэлиир кэммэр элбэх бырайыактары толкуйдаан, бастаан Саргылана Афанасьевнаҕа сүбэлэтэбин. Кини атын киһи санаатын улаханнык убаастыыр, ылынар майгылааҕын хайгыыбыт. Саргылана Афанасьевнам үлэ, олох өрүттэригэр алтыһыыга саамай эрэнэр, чугас киһим.
Чугастык саныыр, убаастыыр, элбэх сүбэни-аманы ылбыт учуутал коллегаларбын, үлэлии сылдьар учууталлары барыларын идэлэҕит бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, тус олоххутугар чэгиэн буолан, өссө да уһуннук үлэ үөһүгэр сылдьаргытыгар, оҕо аймах, дьон-сэргэ махталын ыла тураргытыгар баҕарабын.
Екатерина Архипова